Олоххо ситиһиилээх дьон үксэ оҕо сылдьан үҥкүүнэн эбэтэр спордунан дьарыктаммыт буолар. Тоҕо диэтэххэ, бу икки көрүҥ оҕо тулуурдаах, дьулуурдаах, эрчимнээх уонна кыһамньылаах буоларыгар олугу уураллар.
— Холобура, биир хамсаныыны ыйы быһа да үөрэтиэхпитин сөп. Хаһан бары тэбис-тэҥҥэ уонна кыраһыабайдык оҥоруохтарыгар диэри. Дьэ, оннук салгымтыалаах эрчиллиигэ хал буолбакка тулуйан, буһан-хатан, кыһаллан, туруоруллубут соругу ситиһэргэ уһуйуллаллар, — диэн кэпсээнин саҕалыыр Анжелика Ивановна Большакова.
Кини Таатта улууһун “Доҕордоһуу” оҕо норуодунай үҥкүү ансаамбылыгар алын сүһүөх бөлөҕү дьарыктыыр.
—Быйыл “Доҕордоһуу” үбүлүөйдээх 50 сылын туолла. Өрөспүүбүлүкэҕэ аан маҥнайгынан 1969 сыллаахха тэриллибитэ. Бастакы салайааччы Августина Клакиноваттан саҕалаан, үгүс талааннаах хореограф үлэлээн ааста. Билигин салайааччыбыт, уус-уран туруорааччыбыт – СӨ култууратын туйгуна Валентин Козлов. Көстүүмнэри Вера Павлова эскизтээн тигэр.
Алын сүһүөх бөлөх диэн урукку сылларга суоҕа. Баар буолбута бу саҥа төрдүс сыла. Онон бастакы хараҥаччыларбын көтүтээри сылдьабын. Ол иннинэ ансаамбылга V кылаастан ылаллара. Онно баҕалаахтар, итиэннэ музыкальнай оскуоланы бүтэрбиттэр туттарсаллара. Билигин буоллаҕына анаан бэлэмнээбит оҕолорбут тахсаллар.
Бу бөлөҕү мин оҕо уһуйааннарын кэрийэ сылдьан сүүмэрдээн талбытым. Музыканы истэр дьоҕурдарын, имигэстэрин бэрэбиэркэлээн, быһыыларын-таһааларын көрөн, төрөппүттэрин уҥуохтарын учуоттаан. 24 оҕоттон билигин 17 хаалла. Сорохтор ыарырҕатан бырахтылар.
Бэйэм Тааттаҕа кийииппин. Хаҥаласка улааппытым. Оскуолаҕа сылдьан Покровскай “Молодость Эркээни” уонна “Хаҥаласчаан” ансаамбылларыгар сылдьыбытым. Онно кыргыттар уолаттара суох бэйэбит эрэ үҥкүүлүүрбүт. Оттон манна, Ытык Күөлгэ, уолаттар баҕаран туран үҥкүүгэ сылдьалларыттан соһуйа үөрбүтүм. Биллэн турар, ол Валентин Константинович аптарытыата, эр киһи быыһытынан холобур буолар. Кини миэхэ бу бөлөҕү ыларбар быһаччы эппитэ: «Үҥкүү туруоруутунан аһары үлүһүйбэккэ¸ сүрүнэ, станокка сатаан турартан, позициялартан саҕалаан, хореография терминнэригэр тиийэ билэр, хамаанданан хамсанар оҕолору таһаарыахтааххын», — диэн. Ол иһин ритмиканы, классиканы үөрэтэбит, норуодунай үҥкүүлэргэ, чохчоохойго эрчиллэбит.
“Сир симэхтэрэ”, “Индонезийскэй”, “Хотугулуу” үҥкүүлэрдээхпит. Олорунан “Бриллиантовые нотки” норуоттар икки ардыларынааҕы фестиваль чэрчитинэн ыытыллар “Бастакы хардыылар” куонкуруска I степеннээх лауреат буолбуппут. Ону таһынан бырааһынньыктарга быстах кэмнээх “оробуочай” үҥкүүлэри туруорабыт. Холобур, Саҥа дьылга «Гномики», аныгылыы үҥкүүлээбиттэрэ.
Күһүҥҥүттэн ыла бу оҕолор улахан “Доҕордоһууларга” көһөллөр. Оттон мин эмиэ, оҕо уһуйааннарын кэрийэн, саҥа састаабы талыахтаахпын.
Алын бөлөхтөн кынат анньынан көтөөрү сылдьар бастакы хараҥаччылар “Доҕордоһуу” үбүлүөйдээх кэнсиэригэр кыттаары бэлэмнэнэ сылдьаллар.
—Мин бастаан дьиэрэҥкэйи сатаабат этим. Ону учууталым Анжелика Ивановна наһаа элбэхтэ оҥорторон, билигин үчүгэйдик дьиэрэҥкэйдиибин. Табыллыар диэри сүрэҕэлдьээбэккэ, кыыһыран аккаастаммакка эрчиллиэхтээххин. Үҥкүүгэ киирэн, тулуурдаах буоллум. Уонна ырдым. Урут эттээх этим. Билигин аспын кытта көрүнэбин. Куһаҕан астары, холобур, чипсыны эҥин биирдэ эмэ сиибин. “Доҕордоһууга” I кылаастан сылдьар буоламмын, күннээҕи режимим кэһиллибэт: үөрэх-куруһуок-уруок ааҕыыта . Бириэмэҕин сатаан аттарарга үөрэнэҕин. Миигин үтүктэн, бииргэ төрөөбүт быраатым Дима эмиэ “Доҕордоһууга” киирдэ. Табаарыстарым эмиэ сылдьаллар. Ол курдук, биһиги кылаастан 3 уол уонна 1 кыыс сөбүлээн дьарыктанабыт. Оскуоланы бүтэриэхпитигэр диэри сылдьар санаалаахпыт — диир Володя Егоров, Ытык Күөл Алампа аатынан 1 №-дээх оскуолатын IV кылааһын үөрэнээччитэ.
Эмиэ бу оскуолаҕа үөрэнэр Лиана Григорьева кэпсиир:
—Учуутал эбэм Лидия Егоровна, суруналыыс эдьиийим Жанна Бурмистрова, бииргэ төрөөбүт убайым Никита – бары үчүгэйдик үҥкүүлүүллэр, ансаамбылларга сылдьаллар.
Мин эмиэ үҥкүүлүүрбүн наһаа сөбүлүүбүн. Бу куруһуогум таһынан өссө музыкальнай оскуолаҕа уруһуй кылааһыгар дьарыктанабын. Онон бириэмэбин туһалаахтык атаарабын.
Бириэмэбин туһалаахтык атаарабын… Чахчыта да, 50 сыл устата “Доҕордоһуу” төһөлөөх элбэх оҕо үөрэх таһынан дьарыктаах буолуутун хааччыйан, талааннарын таһааран, дьоҕурдарын уһугуннаран, кэрэ эйгэтин кытта алтыһыннаран, олох киэҥ аартыгар атаарбыта буолуой? Сорохторго олохторун суолун ыйан биэрэн, хореограф идэтин баһылаан, култуура эйгэтигэр айымньылаахтык үлэлии сылдьаллар. Бу ансаамбылтан үүнэн тахсыбыта СӨ норуодунай артыыһа Афанасий Афанасьев. Биллэр ырыаһыттарбыт Дарья Лаврова, Сахамин сыанаҕа тахсар диэн тугун, ытыс дохсун тыаһынан доҕуһуолланар үөрүүтүн бастаан “Доҕордоһууга” үҥкүүлүү сылдьан билбиттэрэ.
Кинилэр уонна ансаамбыл атын да выпускниктара бары билинэллэр: “Оскуолатааҕы сылларбыт саамай умнуллабат кэрэ өйдөбүллэрэ “Доҕордоһууну” кытта ситимнээхтэр. Дьоллоох оҕо сааһы бэлэхтээбит кыһабыт”, — диэн.
А.Иевлева.