Сарсын, олунньу 8 күнүгэр, Арассыыйаҕа билим күнэ бэлиэтэнэр. Оҕолоор, эһиги ДНК диэн тугун билэҕит дуо? ДНК-ҕа биһиги биологическай информациябыт толору сурулла сылдьар.
Учуонайдар биир ДНК мөлүөкүлэтэ биир хоромосуоманы үөскэтэр дииллэр. Хоромосуома хаһа, ханна баара биллэр, уонна дьахтар, эр киһи хоромосуомаларын уратыта микроскопка үчүгэйдик көстөр. Киһи хас биирдии килиэккэтэ 46 хоромосуомалаах.
Онтон В.П. Ларионов аатынан Майа орто оскуолатын үөрэнээччитэ Айтал Скрябин ДНК макетын боростуой бороболуохаттан уонна полистирол куһуоктарын кырааскалаан оҥордо. Маннык макеты кини биология уруогар туһалаах буолуо диэн этэр.
Оҕолоор, эһиги эмиэ илии анныгар баар туттар тэрилбитин туһаҕа таһааран, наукаҕа сыһыаннааҕы оҥорорго холонон көрүҥ, науканы интэриэһиргээҥ!