Төрөөбүт дойдуга таптал дьиэ кэргэнтэн, олорор түөлбэттэн, нэһилиэктэн саҕаланар диэн мээнэҕэ эппэттэр. Киһи олорор сиригэр-уотугар туох кыһалҕа тирээн турарын билиэхтээх, олох тупсарын туһугар үлэлэһиэхтээх. Тыа сирин олоҕо-дьаһаҕа тупсарыгар сүрүн күүс, кынат буолар киһибит баһылык буолар. Мин бүгүн Мэҥэ Хаҥалас улууһун Дьабыыл нэһилиэгин баһылыгын Дмитрий Дмитриевич Петрову көрсөн кэпсэттим.
Үтүө күнүнэн, Дмитрий Дмитриевич. Мин аатым Дарина Егорова, Дьабыыл орто оскуолатын юнкорабын, 6 кылааска үөрэнэбин. Дмитирий Дмитриевич, бүгүҥҥү күҥҥэ биһиги нэһилиэкпитигэр хас киһи, хас ыал олороруй?
— Үтүө күнүнэн, биһиги нэһилиэкпитигэр, уопсайа, прописканан 583 киһи ааҕыллар, онтон олорор киһи ахсаана – 416, ол иһигэр 188 – эр киһи, 228 – дьахтар.
Нэһилиэкпитигэр төһө сүөһүлээхпитий, сылгылаахпытый?
— Ынах сүөһү уопсай ахсаана – 819, ол иһигэр ынаҕа – 252, сылгыта – 635, биэбит ахсаана – 372, 10 сибиинньэ, 430 куурусса баар.
Кэнники биэс сылга нэһилиэкпит саамай улахан ситиһиитэ, Эн санааҕар, тугуй?
— Мин баһылыктаабытым биир сыл буолла. Баһылык биэс сылга талыллар, олохтоохтор быыбардаан талаллар.
Ситиһиибит диэн быйыл Мэҥэ Хаҥалас баһылыга Дмитрий Тихонов олохтообут, тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыы бырагыраамматынан үбүлэнэр, биэс мөлүйүөннээх грант ыллыбыт. Бу саас ылбыппыт. Улууска инник икки грант бэриллибитэ. Ол түмүгүнэн уонча нэһилиэк кыттан, биһиги кыайаммыт ыллыбыт уонна бройлернай кууруссаны иитиигэ үлэлэһиэхтээхпит. Бу бырайыагы бааһынай хаһаайыстыба тэринэн нэһилиэк олохтооҕо Иванова Лариса Афанасьевна үлэлэтэр. Билигин бу гранынан биһиги дьиэтин-уотун оҥорон бүтэрэн эрэбит уонна кууруссаны иитэн баран, астыыр, инкубатор сымыыты таһаарар оборудованиелары ыллыбыт. Онон алтынньы 20 күнүн диэки бу бырайыагы бүтэрэммит, үлэтин салҕыаҕа.
Сайыннары куурусса ииттибит: индюктары, бройлернай кууруссалары олохтоохтор амсайбыт буолуохтаахтар. Майанан, Бэстээҕинэн, куоратынан атыылана тураллар. Сылга алтата маннык инкубатар нөҥүө таһааран, сылы эргиччи куурусса иитиэхтээхпит. Кини забойданар түргэнник ситэр буолан, биир куурусса 1,5 ый иһигэр ситэр. Онон бу, мин санаабар, кэскиллээх дьыала буолар. Тоҕо диэтэр, куурусса этэ киһиэхэ иҥэмтэлээх. Ас көрүҥүн арааһын оҥороллор уонна сыаната да удамыр буолар. Билигин, холобур, сүөһүтүн эһэр, кыайан көрбөт дьон элбэх, сүөһү ахсаана аҕыйыыра өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн баар суол, биһиэхэ да оннук кыралаан аччыыр. Ол иһин, холобур, бу түргэнник ситэр салааны инникилээх, оҕону үлэҕэ сыһыарыыга да үчүгэй диэн биһиги сайыннарыахпытын баҕарабыт. Мэҥэ Хаҥаласка маннык үлэни саҕалаан эрэр биһиги баарбыт.
Онтон нэһилиэк иннигэр бүгүҥҥү күҥҥэ ханнык сүрүн кыһалҕа турарый уонна ону быһаарарга туох үлэ ыытылларый?
— Нэһилиэкпитигэр кыһалҕа элбэх. Биһиги газ ситимиттэн Мэҥэ Хаҥаласка ойуччу олоробут. Ол иһин итиинэн хааччыйыы биир сүрүн сорукпут буолар.
Нэһилиэнньэ олорор усулуобуйатын тупсарыыга үлэ ыытыахтаахпыт. Нэһилиэкпитигэр 160-ча ыал баар, бу мантан 60-ча ыала центральнай оттуктан итиинэн хааччыллан олорор. Онтон атыттара оһоҕунан олордохпут дии. Ол иһин бу ыаллары итиинэн хааччыйыыга үлэни ыытыахпыт.
Бастатан туран, аварийнай туруктаах хочуолунай боппуруостарын быһаарыыга үлэни ыытабыт. Бу хочуолунай саҥа тутуутун дуу эбэтэр капитальнай өрөмүөнүн дуу туруорсан, кыамтатын улаатыннаран, элбэх ыалы эбии холбооһуҥҥа үлэ былааннанар.
Иккиһинэн, газгольдерынан оттук көрүҥүн быйыл 20 ыалга киллэттэрэн эрэбит. Кэлэр нэдиэлэҕэ бүтэһик монтаһа буолуохтаах, электричество холбонуохтаах, онтон дьон оттунан барыахтаахтар. Газ бу күннээххэ барыта таһыллан бүттэ. Онон бу оттук көрүҥүн эмиэ кэлэр сылларга элбэтэн, киирбэтэх дьону онно киллэрэргэ үлэлэһиэхпит. Туруоруута сыаналаах оттук, онон субсидирование көрүллэрин ситиһиэхтээхпит.
Өссө биир сүрүн кыһалаҕабытынан суол боппуруоһа турар. Манна ППМИ да нөҥүө уонна бэйэбит бюджеппытыттан даҕаны тэрилтэлэри кэпсэтэммит суолбутун тупсарыыга үлэлэһэн барыахпыт. Уот ситимэ эргэриитэ – баар суол. Быйылгыттан өрөмүөн үлэтин ыыттараммыт, бөһүөлэк иһинээҕи уонна Төҥүлү икки ардынааҕы уот ситимин остуолбаларын үрдүк күүрүүлээх уота саҥардыллан быйыл бүтүөхтээх. Ол иһин ити уоппутун ыла тураллар, үлэҕэ-хамнаска мэһэйдиир гынан баран, бүттэҕинэ үчүгэй буолуоҕа. Кыаллар буоллаҕына, эһиилгэттэн дэриэбинэ иһинээҕи дьиэлэргэ киирэр уоттары сип-кабельга көһөрүү үлэтэ барыахтаах.
Сүрүннээн ити буолар. Уонна баһылык үлэтэ диэн бары араҥаны барытын тэҥҥэ көрөн олорор буолар. Социальнай да, духовнай да сайдыыга, тыа хаһаайысытыбатыгар да, ону барытын тэҥҥэ көрөн үлэлэһэбит.
Эн санааҕар, биһиги, оҕолор, нэһилиэкпит сайдыытыгар тугунан көмөлөһүөхпүтүн сөбүй?
— Оҕолор, биһиги ыччаппыт, кэлин нэһилиэккитигэр эһиги хаһаайын буолуоххут. Бастатан туран, айылҕаны харыстыахтааххыт. Төрөөбүт дойдутугар таптал диэн онтон саҕаланар. Билигин мин ыччаты кэтээн көрөбүн. Ыччат үчүгэйгэ тардыһыахтаах, чөл олоҕу батыһыахтаах, куһаҕан дьаллыкка сыстыа суохтаах, үөрэҕэр кыһаллыахтаах. Билиҥҥи кэмҥэ үөрэхтээх киһи олоххо миэстэтин түргэнник буолар. Үөрэх элбэҕи быһаарар. Оскуолаҕа үчүгэйдик үөрэниэххитин, төрөппүттэргит тылларын истиэххитин наада. Оҕо режимнээх буолуохтаах, барытын былааннаныахтаах. Холобур, «мин бүгүн тугу гынабын?» диэн, хас биирдии күнү туһалаахтык атаарыахтааххыт, үлэҕэ сыстан, кэлэктиипкэ үөрэнэн, бэйэ-бэйэҕэ көмөлөһүөххит. Аҕа саастаах дьону, учууталлары убаастыахтааххыт, дорооболоһуохтааххыт. Кэлин үчүгэй үлэһит дьон буоларга дьулуһуохтааххыт.
Дмитрий Дмитриевич, бүгүн биһигини кытта санааҕын үллэстибиккэр, нэһилиэк үлэтин кылгастык сырдаппыккар махтанабыт.
Интервьюну ылла: Дарина Егорова, 6 кылаас,
Дьабыыл орто оскуолатын медиа киинэ.