Биһиги нэһилиэкпитигэр Амма улууһун физическэй култуураҕа уонна спорка салайааччыта Дмитрий Дмитриевич Наумов кэлэ сырытта.
Оҕолорго сөптөөхтүк сүүрүү, ыстаныы, атах былчыҥын сөпкө эрчийии туһунан маастар-кылаас ыытта, оҕолору кытта бэйэтин уопутун үллэһиннэ. Мин Дмитрий Дмитриевичтан интервью ылбыппын эһиэхэ билиһиннэриэхпин баҕарабын.
Дмитрий Дмитриевич Наумов – Амма улууһун физическай култуураҕа уонна спорка салайааччыта. Атах оонньууларыгар Саха өрөспүүбүлүкэтин спордун маастара, чэпчэки атлетикаҕа өрөспүүбүлүкэ рекордсмена.
– Дмитрий Дмитриевич, Эн бэйэҥ сүүрүүнэн дьарыктанаҕын. Ол туһунан билиһиннэр эрэ.
– Мин сүүрүүнэн, хойут, 1996 сылтан тохсус кылаастан Аммаҕа дьарыктанан саҕалаабытым. Тренерым Петр Семенович Иванов буолар. 400, 200 м сүүрүүгэ Дальнай Восток чемпионаттарыгар призердаабытым. 400, 200, 100 м дистанцияларга уһуну ыстаныыга, үстэ төхтөрүйэн ыстаныыга өрөспүүбүлүкэ чемпиона, призера буолбутум. Атах оонньуутугар Саха өрөспүүбүлүкэтин спордун маастарабын. 4х100 м уонна 4х400 м эстафетаҕа өрөспүүбүлүкэ рекордсмена буолабын.
– Биһиги нэһилиэкптигэр туох сыаллаах-соруктаах кэлэ сырыттыгыт?
– Эмис нэһилиэгэр тренер Александр Александрович Ларионов ыҥырыытынан кэлэ сырыттым. Бэйэм эмиэ элбэх оҕону эрчийбит, чемпионнары иитэн таһаарбыт тренер буолабын. Эмис нэһилиэгин оҕолоругар билиибиттэн-көрүүбүттэн үллэстэр соруктаах, тренер тренергэ көмөлөһөн маастар-кылаас ыыттым. Эһиги биир дойдулааххыт Александр Ларионов өрөспүүбүлүкэҕэ, улууска биллэр хапсаҕайдьыт. Сүүрүүгэ билбэтэ-көрбөтө эмиэ баар. Онон тренер тренергэ көмөлөһүөхтээх дии саныыбын. Киһи киһиттэн үөрэнэр. Спорт эйгэтигэр үлэлиир киһи эмиэ олоҕун тухары үөрэнэр. Оччоҕо эрэ ситиһии кэлэр.
– Дмитрий Дмитриевич, Эн саҕанааҕы оҕолор уонна билиҥҥи оҕолор туох уратылаахтарый дии саныыгыный?
– Мин санаабар, биһиги саҕана дьарык көрүҥэ, оҕо атыҥҥа аралдьыйыыта аҕыйах этэ. Онон элбэхтик сүүрэн-көтөн оонньуурбут. Билиҥҥи оҕолорго дьарык көрүҥэ элбэх. Онлайн да нөҥүө, саалаҕа да кэлэн дьарыктаныы элбэх. Уратыта итиннэ сытар дии саныыбын.
– Нэһилиэктэргэ оҕолор сылдьыылара хайдаҕый?
– Улуус нэһилиэктэригэр, атын да улуустарга сылдьабын. Ыҥырыыга хаһан да аккаастаммаппын. Билигин спорду ханнык баҕарар улууска өрө туталлар. Ол эрэн оҕо сылдьыыта син биир аҕыйах эбит диэн бэлиэтии көрдүм.
– Оҕолорго тугу сүбэлиэҥ этэй?
– Спордунан дьарыктанын. Спорду өрө тутуу туох да куһаҕаны аҕалбат. “Син биир спортсмен буолбаппын” диэн эппэт буолун. Киһи барыта спортсмен буолбат. Ол эрэн тренер, судьуйа, убаастанар, чэгиэн доруобуйалаах киһи буолан тахсыаххын сөп.
Эрчим НИКОЛАЕВ, VIII кылаас, Эмис орто оскуолата, Амма