Биһиги ортобутугар ураты дьоннор бааллар. Кинилэр биһиги көрбөппүтүн көрөр кыраҕы харахтаахтар, сатаабаппытын сатыыр уус илиилээхтэр. Биһиги болҕомтоҕо ылбат маспытыттан-оппутуттан искусство айымньытын айан таһаарыахтара, биһиги бөххө быраҕар малбытын сууйан-сотон, килэбэчитэн киһи эрэ ымсыырар малын оҥоруохтара. Дьиэ интерьерин, мэндиэмэннээх дьиэ тас эркинин муралын (уруһуйун) эмиэ кинилэр оҥороллор. Уонунан-сүүһүнэн сылы быһа куораппытын киэргэтэр дьиэлэри бырайыактыыллар. Киһи уйулҕатыгар сабыдыаллыыр кэрэ хартыылалары ойуулууллар. Ол — худуоһунньуктар, архитектордар, дизайнердар!
Бүгүн биһиэхэ Дьокуускай куорат биир биллиилээх дизайнера Александра Алексеева ыалдьыттыыр (уруһуйдара ааптар быраабынан көмүскэнэллэр).
Питертэн — Дьокуускайга
- Александра, үгэс курдук, дизайнер идэтигэр ханна үөрэммиккиттэн саҕалыахха.
- Мин Дьокуускай куорат оскуолатын бүтэрэн баран, Намнааҕы педагогика кэллиэһигэр “Изо, черчение” салаатыгар үөрэммитим. Ол кэнниттэн Санкт-Петербургтааҕы технология уонна дизайн университетын бүтэрбитим.
- Бу үөрэх тэрилтэлэрин дьарыктара уратылаахтар дуо?
- Баар. Питергэ “академическай уруһуй” диэни күүскэ үөрэппиттэрэ. Холобур, киһини уруһуйдуурга бу киһи туохха тирэнэн турарын дуу, олорорун дуу, барытын учуоттаан үлэлиэхтээххин. Дьиҥэ, оннук буоллаҕа. Киһи сиргэ үктэнэн турарыгар дьардьамата хайа эрэ өттүгэр иэҕэйиэхтээх, тобуга бокуйуохтаах, өттүгүн уҥуоҕа ханньайыахтаах. Ону уруһуйга табатык биэриэххэ наада. Тирэҕэ баар сирин “бэлиэтээн” туран.
- Учууталларгыт кытаанахтык үөрэппит буоллахтара.
- Оннук. Биир преподавательбыт суумкатыгар киһи дьардьаматын чаастарын илдьэ кэлэр этэ.
- Пластик буолуо.
- Суох, дьиҥнээх. Сорох оҕолор тыытыахтарын да куттанар этилэр. Ол дьардьаманы көрөн, уруһуйдуур этибит.
- Итинник үөрэммит үлэһит ханна баҕарар наада буоллаҕа. Үлэ көрдүүргэ ыарырҕаппатаҕын?
- Университет кэнниттэн тапталлаах Петербурбар хаалан, икки сыл үлэлээбитим. Тэрилтэм муралы (дьиэ эркинигэр уруһуй) оҥорор хайысхалаах этэ. Сөбүлээн, дьону кытта тапсан үлэлээбитим. Баҕар, онно олохсуйуом да этэ.
Айылҕаттан талааннаах уонна үлэһит буолуохха наада
- Оттон олохсуйбакка, кэлбиккин.
- Хас биирдии киһи олоҕор, салгыы дьылҕатыгар улахан сабыдыаллаах дьоннор көстөн ааһаллар. Мин эмиэ оннук биир киһини көрсөн, бэйэм да билбэппинэн, олус түргэнник хомунан, Дьокуускайбар төннөн кэлбитим.
- Оо, ол киһи туох диэбитэй? Сэкириэт буолбат буоллаҕына..
- “Якутск- город возможностей”, —диэбитэ. Дьокуускайга олус элбэх айар куттаах дьон баар. Манна олорон “Яндекс”, “Google ” курдук аан дойдуга биллэр улахан корпорацияларга үлэлииллэр. Талааннаах худуоһунньуктар элбэхтэр. “Аrt public sсһооl” диэн айар түмсүү дизайнердары түмэр. Фрилансердар элбэхтэр. “Левонс” диэнинэн биллэр графическай дизайнер Петр Поротов баар. Даҕатан эттэххэ, худуоһунньуктар бары “никтаахтар”. Интернет үйэтигэр эдэр ыччакка суол элбэх. Сүрүнэ, айылҕаттан талааннаах уонна үлэһит буолуохха наада.
- Билиҥҥи ыччат хайдаҕый, эн санааҕар?
- Олус талааннаах. Баҕар ол иһин, интроверт элбэх. Ол аата, бэйэтэ бэйэтигэр сылдьар, атын дьоҥҥо наадыйбат. Тымныы килиимэппин дьайара дуу? Хаҕыс соҕуспут. Иэйиигэ кэмчибит. Ис санаабыт сабыылаах.
Бэйэбин атын эйгэҕэ көрбөппүн
- Оттон эн талаанын айылҕаттан дуо?
- Мин бэйэбин өйдүүр буолуохпуттан уруһуйдуубун. Биир тренинг сорудаҕынан “атын идэни тал” диэн этэ. Онно мин худуоһунньук идэтин эрэ сөбүлүүрбүн өйдөөбүтүм. Бэйэбин атын эйгэҕэ көрбөппүн. Оҕо сылдьан, мин үлэбин сыаналыылларын, балтым уруһуйбун наһаа кичэллээхтик кырыйан, хортуон хоруопкатыгар уктубутун көрөммүн, аан бастаан билбитим. Бииргэ төрөөбүттэр алтыабыт. Эдьиийим следователь, биир быраатым архитектор.
- Эн бэйэн тэрилтэлээххин. Ону тэрийэр, отчуот туттарар эҥин төһө ыараханый?
- Суох, ыарахан буолбатах. Дьокуускайга дизайнердары өйүүллэр. Ол эрээри Питерга тэҥнээтэххэ, хамнас кыра. Онно, холобур, кинигэ “обложкатын” уруһуйугар, торгуйдаспакка эрэ, 60 тыһыынчаны төлүүллэр. Манна 20 тыһыынчаны да ыарырҕатыахтара. Мин эркин уруһуйуттан логотип оҥоһуутугар, аэрографияҕа тиийэ барытын оҥоробун. Инникитигэр ордук иллюстратор быһыытынан үлэлиэхпин баҕарабын.
- Айар үлэҕэр туох былааннааххын?
- Бастатан туран, бэйэм сайдыахтаахпын, оччоҕо айар кутум эмиэ сайдыа. Атын-атын дойдуларга, куораттарга олорон көрүөхпүн баҕарабын. Бастаан Японияҕа биир ый олорор сыаллаахпын. Онно былыргы култуура уонна аныгы технология бэрт үчүгэйдик кэккэлэһэллэр. Онтон –Кытай, Франция, Италия.
- Ордук улахан сакааһын?
- Технопарк, Синет дьиэлэрин эркиннэрэ.
- Төлөбүрэ суох уруһуйдуугун дуу?
- Аһымал ааксыйатын оҥоробун. Ыарахан иитиилээх уонна тулаайах оҕолор интернаттарын уруһуйдарын оҥорбутум.
Кинигэҕэ, хаһыакка — чаҕылхай өҥ
- Оҕолорго ханнык өҥ сөптөөҕүй?
- Кинигэҕэ, хаһыакка, оонньуурга чаҕылхай өҥ барсар. Оҕо хоһун чаҕылхай кыраасканан ойуулууру сэргээбэппин. “Минимализм” истиилинэн оҥорон, киһи хараҕар быраҕыллыбат өҥнөрү туттар ордук. Биир-икки мал чаҕылхай буолуон сөп.
- Оччоҕуна сакаастыыр дьоннор барытын минимализм гынаҕын?
- Суох буоллаҕа. Төлүүр киһи баҕатынан оҥоробун. Ол эрээри үчүгэйэ диэн, бары аныгы истиили баҕараллар. Сүрүнэ – оннук кимиэхэ да суох буолуохтаах.
- Худуоһунньуктартан кими ордороҕун?
- Классиктартан – Карл Брюллов, “Последний день Помпеи”. Сахалартан – Михаил Старостин.
Тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыыга санаам
- Олох атын тиэмэни ыйытабын дуо? Тыа хаһаайыстыбатын хайдах сайыннарыахха сөбүй?
- Үрүҥ ас оҥоруутун элбэтиэххэ наада. Биһиги аспыт үчүгэйэ диэн – экология өттүнэн ыраас. Бэйэбит эппит, үүппүт. Атын дойдуларга маҕаһыыҥҥа көрдөххө, “Эко” диэн суруктаах бородууксуйа сыаната биллэ үрдүк. Биһиэнэ барыта “эко”, ону сайыннарыахха наада. Дэлэҕэ даҕаны, супермаркеттарга үүт уонна килиэп саала саамай түгэҕэр туруо дуо? Ол аата үүтү, килиэби ылаары дьон атын табаары көрдүн диэн соруйан уураллар.
Ай-Ти үйэтигэр дизайнер үлэлиир эйгэтэ кэҥиир
- Бэйэҥ оҕолорун туох идэлээх буолуохтарын баҕараҕын?
- Ай-Ти технология эйгэтин улахан сайдыы күүтэр. Онон ол хайысханан барыахтарын баҕарабын. Интернет, цифровой технология үйэтэ биһиэхэ, дизайнердарга, эмиэ элбэҕи эрэннэрэр. Интернет нөҥүө үчүгэй худуоһунньук ханна баҕарар үлэлиэн сөп. Цифровой индустрия, UX дизайн (“дизайн пользовательского опыта взаимодействия”), UI дизайн (“дизайн интерфейса”), 3Д дизайн, графическай дизайн, компьютернай оонньуулар уруһуйдара, кинигэ юллюстрацията, араас хаа киэргэтиитэ – биһиги үлэлиир эйгэбит кэҥээтэр кэҥээн иһэр.
Ааптар: Таисия Алексеева