Хоhоону оҕоҕо үөрэтэр уустук суол. Аныгы ньымалартан мнемотехника оҕо хоһоону өйгө хатыырыгар улахан көмө, тирэх буолар. Мнемотехниканан оҕо остуоруйаны, кэпсээни, олоҥхону, хоһоону улгумнук ылынар. Мнемотехника диэн уус-уран айымньы ис хоһоонун уруһуйдаан схема быһыытынан оҕоҕо тиэрдиллэр.
Сыала: Хоһоону мнемотехника ньыматынан нойосуус үөрэтии.
Соруктар:
-Оҕо төрөөбүт тылын, саҥарар саҥатын сайыннарыы, тылын саппааһын байытыы;
-оҕо өйгө тутар дьоҕурун сайыннарыы;
-хоһоону хомоҕойдук ааҕыы сатабылын сайыннарыы.
Ааптар: Дьяконова Таисия Галиновна. Нам улууһа, Хатырык нэһилиэгэ, “Кэрэчээнэ»оҕо саада.