Ньурба оройуонун Николай Иннокентьевич Кочнев аатынан Хаҥалас орто оскуолатын саҥа директорын Антонова Елена Никитовнаны кытары кэпсэтиини болҕойуҥ.
— Бэйэҕит тускутунан билиһиннэриҥ.
— Мин маннааҕы Хаҥалас орто оскуолатын 1999 сыллаахха түмүктээбитим. Ол кэннэ СГУ саха салаатын үөрэнэн бүтэрэн, үлэбин Акана детсадыгар иитээччинэн саҕалаабытым. Онтон дойдубар Хаҥалас оскуолатыгар детскай организаторынан салгыы үлэлээбитим. Нэһилиэк дьаһалтатыгар баһылыгы солбуйааччынан, кэлиҥҥи сылларга оҕо саадыгар старшай воспитателлаабытым, быйылгыттан оскуола директорынан үлэбин саҕалаатым.
— Учуутал идэтин туох санаалаах баһылаабыккытый?
— Мин аймахтарым Ивановтар, Егоровтар учууталлар улахан династиялара. Ол иһин оскуоланы бүтэрэрим саҕана, идэ талыытын боппуруоһа турбатаҕа.
— Оскуоланы салайарга эн санааҕар, саамай туох сүрүн ирдэбил баарый?
— Директор быһыытынан саҥа үлэбин саҕалаан эрэр киһи буоларым быһыытынан ирдэбил олус элбэх диэхпин сөп. Ол курдук, бастатан туран, оҕо үөрэнэр усулуобуйатын тэрийии эрэ буолбакка, биир кэм ону тупсарыыга үлэлэһиэхтээхпин диэн өйдүүбүн.
— Биһиги оскуолабытыгар хас оҕо үөрэнэрий (хас кыыс, хас уол), хас учуутал үлэлиирий?
— Оскуолабыт оҕотун уопсайа ахсаана – 81, (30 кыыс, 51 уол). Педагог ахсаана — 26.
— Сүрүн кыһалҕабыт тугуй?
— Кыһалҕа элбэх. Ол курдук, саамай сүрүн — оскуола дьиэтэ эргэрэн саҥа оскуола тутуутун эрэйиитэ. Аны ититиибит систиэмэтэ эргэрэн, субу-субу тэстэн накаастыыр. Оскуолабыт агрооскуола буолан, 20 сүөһүлээхпит. Сайын от, оҕуруот аһын олордуу үлэтэ буолар. Онно барытыгар тыраахтыр көмөтө наада. Оскуола МТЗ тыраахтыра эргэрдэ.
— Үөрэх хаачыстыбатын хайдах сыаналыыгыт?
— Үөрэх хаачыстыбатын тупсуута хас да фактортан тутулуктаах: хас биирдии үлэһиттэн, материальнай-техническай хааччыллыыттан, учебниктан, судаарыстыбаннай бэлиитикэттэн. Биһиги оскуолабытыгар үөрэх хаачыстыбатын сыаналыыр буоллахха, ааспыт сыллардааҕы көрдөрүү куһаҕана суох. Оҕолор ЕГЭ, ОГЭ туттаран, бары талбыт үөрэхтэригэр үөрэнэ сылдьаллар. Биһиги киһи бэйэтин кыаҕын толору арыйарын ситиһэ сатыыбыт. Хас биирдии үөрэнээччи ханнык хайысхаҕа ордук дьоҕурдааҕынан көрөн, ону арыйыахтаахпыт. Ону сатыыр буоллахпытына, ол аата хаачыстыбалаах үөрэҕи биэрэбит дии саныыбын.
— Учебнигынан хааччыллыыбыт хайдаҕый? Бу үлэ хайдах оҥоһулларый? Онно төһө харчы көрүллэрий?
— Учебнигынан 100% хааччыллан олоробут. Учебниктары «Книгозаказ» автоматизированнай система нөҥүө «Просвещение» издательствоттан ылабыт. Учебниктар бары федеральнай списокка эппиэттииллэр. Ону таһынан сахалыы учебниктары «Айар» кинигэ кыһатыттан ылабыт.
— Сахалыы тыллаах хаһыаттарга, сурунаалларга сурутуулаахпыт дуо?
— Биһиги оскуола сылын аайы тиһигин быспакка сахалыы хаһыаттарга, сурунаалларга суруттарабыт. Оскуолабытыгар медиа хостоохпут. Оҕо-аймах таптаан сурутар хаһыатыгар «Кэскилгэ» эдкор оҕолорбут суруйбут ыстатыйалара тахсарын сэргээн ааҕабыт.
— Быйыл Россияҕа Дьиэ кэргэн сыла. Манан сибээстээн ыйыттахха, билигин Эн санааҕар, оскуола дьиэ кэргэни кытта хайдах үлэлиэхтээҕий?
— Оскуола дьиэ кэргэни кытта ыкса ситимнээхтик, бииргэ үлэлээтэхпитинэ, оҕолорбутун ситиһиилээх, үтүө дьон гына иитиэхпит. Ол туһугар биһиги дьиэ кэргэн оскуола олоҕор көхтөөх кыттыыны ылалларын көҕулүүбүт.
— Нэһилиэк сайдыытыгар оскуола оруолун туһунан санааҕын үллэстиэҥ дуо?
— «Үөрэххэ хаалыылаах дойду, эрэгийиэн барытыгар хаалар» диэн Ил Түмэҥҥэ депутаппыт Антонина Афанасьевна Григорьева этиитин кытары сөбүлэһэбин. Үөрэххэ хаалыылаах нэһилиэк барытыгар хаалар. Биһиги төһө сайдыылаах, олоххо бэлэмнээх оҕолору үөрэтэн-такайан таһаарабыт даҕаны, соччонон нэһилиэкпит сайдыаҕа.
Сэһэргэстэ Нелли Антонова Нелли, «Ыллык» эдкорпост, Ньурба Хаҥалас.