С.Н. Михайлов аатынан Чыамайыкы оскуолата малокомплектнай оскуолалар ахсааннарыгар киирсэр. Быйылгы үөрэх дьылыгар уһуйааммытыгар 17 иитиллээччилээхпит, үөрэнээччибит ахсаана — 56. Оскуола, уһуйаан үлэһиттэрэ — 46, ол иһигэр учуутала — 19. Оскуолабыт үлэтин туһунан билээри дириэктэрбитин Любовь Евгеньевна Романованы кытта кэпсэттим.
—Любовь Евгеньевна, үтүө күнүнэн! Бэйэҥ тускунан кэпсиэҥ дуо?
—Мин аатым Романова Любовь Евгеньевна диэн. Бэйэм химия учууталабын. 2005 сыллаахтан төрөөбүт оскуолабар кэлэн үлэбин саҕалаабытым. 2021 сылтан директордыыбын.
—Учуутал идэтин туох санаалаах баһылаабыккытый?
—Кыра кылаастан ыла учуутал буолар баҕа санаалаах этим. Орто кылаастарга сылдьан ньиэмэс тылын учуутала буолуохпун баҕарарым, улахан кылаастарга — химия учуутала буолар эбиппин диэн быһаарыммытым. Идэбин таларбар үөрэппит учууталларым сүрүн оруолу оонньообуттара диэтэхпинэ сыыспатым буолуо. Ол курдук ньиэмэс тылыгар — Любовь Иннокентьевна, химияҕа — Александра Еремеевна, Елена Кирилловна. Учууталларбар түгэнинэн туһанан махтанабын. Биһиги үөрэнэрбит саҕана элбэх, араас идэ суох кэриэтэ этэ, үксэ учуутал, быраас, бухгалтер эрэ.
—Оскуоланы салайарга, Эн санааҕар, саамай туох сүрүн ирдэбил баарый?
—Оскуоланы салайарга сүрүн ирдэбиллэр мин санаабар: ирдэбиллээх, чиэһинэй буолуу, эппиэтинэс.
—Сүрүн кыһалҕабыт туох дии саныыгын?
—Чыамайыкы нэһилиэгэ Мэҥэ Хаҥалас улууһун уһук сытар нэһилиэгэ буоларынан сибээстээн биир сүрүн кыһалҕабытынан тэйиччи сытарбыт, суол-иис мөлтөҕө буолар. Онтон сибээстээн иккис кыһалҕабыт учууталынан хааччыллыы боппуруоһа сытыытык турар.
—Үөрэх хаачыстыбатын хайдах сыаналыыгыт?
—Биһиги оҕобут ахсаана аҕыйах буолан үөрэх хаачыстыбата үчүгэй. Хас кылаас аайы ортотунан 4-5 оҕо үөрэнэр. Хас биирдии оҕоҕо тус сыһыаннаах, сыаллаах уонна суолталаах үөрэхтээһин ньыматын, методикатын туһанабыт.
—Учебнигынан хааччыллыыбыт хайдаҕый? Онно төһө харчы көрүллэрий?
—Учебнигынан хааччыллыы үчүгэй, сыллата улууспут үөрэҕин салалтата харчы көрөр.
—Сахалыы тыллаах хаһыаттарга , сурунаалларга сурутуулаахпыт дуо?
—“Кэскил” хаһыакка, “Чуораанчык”, “Бэлэм буол”, “Юность Севера” сурунаалларга суруйтарабыт. Бу сыл бастакы аҥарыгар уопсайа 3600 солкуобай барбыта.
—Быйыл Россияҕа Дьиэ кэргэн сыла. Манан сибээстээн ыйыттахха, билигин эһиги санааҕытыгар, оскуола дьиэ кэргэни кытта хайдах үлэлиэхтээҕий?
—Оскуола дьиэ кэргэни кытта бииргэ ыкса өйдөһөн-өйөһөн үлэлээтэҕинэ, оҕоҕо да, оскуолаҕа да ситиһии кэлэр дии саныыбын.
—Эппиэтиҥ иһин махтал!
Романова Розалина,
VI кылаас, «Проба пера» эдэр кэрэспэдьиэнэ