Бү күннэргэ Маар орто оскуолатын «Юла» медиакиинин эдэр корреспонденнара оскуолабыт дириэктэрэ Никифоров Артем Ивановичтыын кэпсэттибит уонна оскуолабыт үлэтин туһунан элбэҕи биллибит.
— Артем Иванович, эһиги үөрэх эйгэтигэр хаһан үлэлээн саҕалаабыккытый?
— Таатта улууһун Даайа Аммата оскуолатыгар 2001 сылтан оскуолаҕа үлэлээбитим, идэбинэн төрүт култуура учууталынан үлэлээн саҕалаабытым, 9 сыл дириэктэринэн үлэлээн баран, 2016 сыллаахха төрөөбүт дойдубар Ньурба улууһун Маар нэһилиэгэр кэлэн оскуола дириэктэринэн үлэлиибин.
— Учуутал идэтин туох санаалаах баһылаабыккытый?
— Оҕо киһи ситиһиилээх, сайдыылаах буоларыгар, төрүт култууратын билэригэр баҕаран, оҕо талаанын арыйарыгар баҕаран учуутал идэтин баһылаабытым.
— Эн санааҕар, оскуоланы салайарга саамай туох сүрүн ирдэбил баарый?
— Сүрүн ирдэбил оскуоланы сайыннарыы, оҕолор сайдалларыгар сөптөөх усулуобуйаны тэрийии. Оҕолор сайдалларыгар учууталлар таһаарылаахтык үлэлииллэригэр усулуобуйаны тэрийии.
— Биһиги оскуолабытыгар хас оҕо үөрэнэрий (хас кыыс, хас уол), хас учуутал үлэлиирий?
— 2023-2024 үөрэх дьылыгар Маар орто оскуолатыгар 100 оҕо үөрэнэр, 51 — уол, 49 — кыыс, учааталбыт ахсаана — 24.
— Сүрүн кыһалҕабыт тугуй?
— Оскуолабыт дьиэтэ 1977 с. тутуу буолан, кыһалҕабыт саҥа оскуола тутуллуута буолар уонна материальнай-техническай баазаны саҥардыы, тупсаҕай усулуобуйаны тэрийии.
— Үөрэх хаачыстыбатын хайдах сыаналыыгыт?
— 2022-2023 үөрэх түмүгүнэн үчүгэй көрдөрүүлээхпит. Быйылгы үөрэх сылыгар 3 оҕо мэтээлинэн түмүктүүргэ кыһаллаллар.
— Учебнигынан хааччыллыыбыт хайдаҕый? Бу үлэ хайдах оҥоһулларый? Онно төһө харчы көрүллэрий?
— ФГОС ирдэбилинэн учебниктарбыт сотору-сотору саҥардыллаллар, онно анаан харчы көрүллэр. Холобур, ааспыт сылга учебник саҥардыытыгар 350 тыһ. көрүллүбүтэ.
— Сахалыы тыллаах хаһыаттарга, сурунаалларга сурутуулаахпыт дуо?
— “Кэскил” оҕо бэчээтин кыһатын кытта бииргэ үлэлэһэбит: “Кэскил” уонна “Бэлэм буол” хаһыаттарга сурутулаахпыт.
— Быйыл Россияҕа Дьиэ кэргэн сыла. Манан сибээстээн ыйыттахха, билигин эн санааҕар, оскуола дьиэ кэргэни кытта хайдах үлэлиэхтээҕий?
— Оскуола, төрөппүт оҕону иитиигэ биир санаанан салайтаран, үлэлээн, сөптөөх үөрэтии-иитии ыытыллан оҕолор сайдалларыгар кыһаллан үлэлээһин.
— Нэһилиэк сайдыытыгар оскуола оруолун туһунан санааҕын үллэстиэҥ дуо?
— Оскуола баар — нэһилиэк баар. Нэһилиэк сайдар — оскуола сайдар. Ыччаппыт үөрэхтэнэн, идэ ылан төрөөбүт нэһилиэктэригэр, улуустарыгар, республикаҕа туһалаах дьон буола улаатыахтаахтар. Төрөөбүт нэһилиэктэригэр идэлээх специалист буолан, олохсуйалларыгар баҕарабын. Онон дойдуларын сайыннарар баҕалаах ыччаты иитэн таhаарыахтаахпыт.
Кэпсэттэ Уйгууна Афанасьева, «Юла» медиакиин, Маар орто оскуолата, Ньурба.