Дислексия диэн ааҕыыны ыарырҕатыы. Киһи буукубаны эрэ буолбакка, тулалыыр эйгэни барытын өйдүүрэ ураты. Ол иһин ааҕарга үөрэнэрэ эмиэ атын.
Үҥкүүһүт буукубалар
Кэскил быйыл иккистээн иккис кылааска үөрэнэр. Оскуолаҕа киирэрин биэбэйиккэ сылдьан олус кэтэһэрэ. Бастакы үрүсээгин туппутуттан муҥура суох үөрбүтэ. Кэскил кыра эрдэҕиттэн элбэҕи билэр-көрөр, үгүс кэпсээннээх оҕо. Сөбүлээн кыыллары уруһуйдуур, араас остуоруйалары айан, доҕотторун сэргэхситэр. Арай үөрэҕэ отой кыаллыбат.
Хаһан эрэ оскуолатын таптыыр оҕо билигин кинигэни көрдө да, ытаабат эрэ. Ааҕан иһитиннэр диэн көрдөстөххүнэ, аккаастанар. Үөрэниэн баҕарбат. Тэтэрээтэ кып-кыһыл, барыта көннөрүү. Учуутала Кэскил суругун көрө-көрө кыйаханар: “Саатар уһулары сатаабаккын!” – дии-дии, тиэрэ-таары турбут буукубалары туора сотор.
Сотору-сотору Кэскил мөҕүллэр. Уруокка тугу да истибэт, кыһаллыбат. Учуутал араастаан быһаарарын өйдөөбөт үһү. Сылтах була-була сүгүн үөрэммэт. Оҕолор кинини “акаары” диэн күлэллэр, төрөппүтттэрэ “сүрэҕэ суох” диэн өрүү муннукка туруораллар.
Кэскил сэмэлэннэ да, хомойор: “Дьон чахчыны этэр быһыылаах, мин тугу да сатаабаппын, сатыам да суоҕа, үөрэнэн туһа суох,” – диэн бэйэтэ иһигэр санааҕа ылларар. Абаран, учебниктарын киэр элитэр, төбөтүн охсунар.
Уолчаан тоҕо маннык буолбутун, туохтан сатамматын быһаарара буоллар, маннык тыллар этиллиэхтэрэ этэ:
– Бары миэхэ ааҕар чэпчэки дииллэр. Буукубалары холбуурга эрэ үөрэниэххэ наада үһү. Оттон хамсаа да хамсаа болар буукубалары хайдах холбуурга ким да үөрэппэт. Биир кэм: “Холбоо, кэккэлэһэ турар буукубалары сыһыары тутан аах,” – дииллэр. Оннук гыннахпына аны сыыһа буолар. Иккистээн аахтахпына эмиэ сыыһа. Буукубалар уларыйа тураллар, үҥкүүлүү сылдьар курдуктар.
Кэскил акаары да, сүрэҕэ да суох буолбатах. Мэйиитин үлэтэ атын. Киниэхэ ааҕар олус уустук. Ис дьиҥэ өйдөөх, үөрэниэн баҕалаах оҕо буукубаны билбэтиттэн эрэйи көрөр.
Тоҕо маннык көстүү буоларый?
Сардана Александровна Сидорчук 2006 сылтан логопед-дефектологынан үлэлиир. Билигин “Talk” диэн логопедическэй кулууп дириэктэрэ. Кини этэринэн, дислексия эмтэммэт эрээри, оҕо ситиһиилээхтик үөрэниэн сөп.
Ааҕыыга үөрэнии уустук, оттон оҕо кыаҕа араас. Ким эрэ түргэнник өйдөөбүтүн, сорох өр тобулуон сөп. Бытааннык толкуйдааччылары тута дислектиктэр диир сыыһа, – диэн Сардаана Александровна диагноз туруоруута, дислексияны чинчийии аҕыйаҕыттан, уустугурарын бэлиэтиир. Арассыыйаҕа оннооҕор быраастар мунаахсыйаллар. Хомойуох иһин, дислексия диагноһа үөрэнээччилэргэ иккис эрэ кылаастан турар. Ол кэмҥэ оҕо үөрэхтэн да, бэйэтиттэн да кэлэйэр.
Хас биирдии үөрэнээччи сатаан ааҕыахтаах. Бастакы кылаастан үөрэх сүрүннээн ааҕыы тула ыытыллар. Уруок барыта кэриэтэ учебниктан саҕаланар. “Кинигэ маннык сирэйин арыйын, ол тиэмэни ааҕын, бу этиини ырытын”. Оттон буукубалары тыл тахсарын курдук холбуур дьоҕура суох, үөрэх эмиэ суох.
Ол эрээри маннык диагностаах оҕолор биир саастыылаахтарыттан хаалсыбат өйдөөхтөр. Кинилэр атыннара диэн уобараһынан толкуйдууллар. Барытын ойуулаан көрөллөр. Дислексия өй кэһиллиитэ буолбакка, мэйии уратыта.
Уратытын уонна анал ньымалары билэр оҕо ааҕа үөрэниэн сөп. Онно хайаан да анал идэлээх спецалист көмөтө наада. Тоҕо диэтэххэ, дислексия араастаах. Сорох дислектиктэр эбии дисграфиялаахтар (суруйары ыарырҕаталлар). Ону логопед-дефектолог эбэтэр невролог кыайан быһаарар. Коррекциялыыр үлэ дислексия көрүҥүттэн тутулуктаах.
– Дислексиялаах оҕону 4-5 сааһыттан сабаҕалаан билиэххэ сөп. Сатаан өҥнөрү араарбат, бачыыҥкатын быатын бааммат, мээчик ханна көтөрүн быһаарбат буолуон сөп, – диир Сардана Александровна. – Ааҕар ньымаҕа үөрэппэккэ эрэ оҕоҕутун күүһүнэн аахтараҥҥыт киниэхэ куһаҕаны эрэ оҥоруоххут. Ол иһин тугу эрэ бэлиэтии көрбүт буоллаххытына, оскуолаҕа бара илигинэ, хайаан да үчүгэй логопедка көрдөрүҥ диэн сүбэлиибин.
Интэриниэккэ дислексияҕа анаммыт сайт баар . Онно ураты мэйиилээх дьон хайдах ааҕалларын көрүөххэ сөп. Алдьаммыт таблону ааҕа сатыыр курдуккун. “Б” кэнниттэн турар “Р” эмискэ “М” буолар, оттон “Б” аны “А”-ҕа кубулуйар. Оннооҕор буукубаны билэр, сатаан ааҕар киһи бүтүннүү буккуллар. Санаан көрүҥ, алпаабыты саҥа үөрэтэр оҕоҕо ол төһө ыараханын, хараҕын үрүө-тараа ыытарын.
Дислексия туһунан сиһилии @logoclub_talk инстаграм аккаунугар билсиҥ.
Хайдах көмөлөһүөххэ сөбүй?
Интэриниэккэ “Дислексиялаах оҕоҕо көмө” диэн ааттаах элбэх ыстатыйа булуохха сөп. Ааптардар эрчиллиилэри уонна ааҕыы араас ньыматын холобурдууллар. Линейканан сирдэтинэн ааҕарга сүбэлииллэр уонна сүһүөхтэринэн оонньуулары быһаараллар, тиэкиһи кытта үлэлииргэ үөрэтэллэр. Тыл көтө-көтө аахтараллар, буукубалары пластилинтан оҥоттороллор уонна фигуралары кытта билиһиннэрэллэр.
Ол эрээри Сардана Александровна логопед консультацията суох, үгүс дьарык туһата суоҕун тоһоҕолоон этэр:
Ааҕыыны ыарырҕатыы араастаах. Оҕо дорҕооннору уонна буукубаны кыайан ситимнээбэт эбэтэр сүһүөхтэри холбуурун уустукурдуон сөп. Буукубалар “үҥкүүтэ” да суох, толкуйу булкуталлар. Холобур, тыл суолтатын өйдөөбөт буолуу эмиэ дислексия көрүҥэ буолар. Хас көрүҥ аайы тус-туспа эрчиллии, дьарык барыахтаах. “Маннык быһыылаах,” – диэн санааттан баар ньыма ны барытын боруобалааһын төттөрү балаһыанньаны уустугурдар. Ол иһин логопеды кытта үлэ булгуччулаах. Маҥнай оҕо хайдах дислексиялааҕын быһаарыҥ, онтон дьарыкка түһүнүҥ.
Ааптар Иванова Светлана
«Кэскил» хаһыат 08.10.2019