Умуллубут вулкан
Биһиги өрөспүүбүлүкэбит саамай үрдүк чыпчаала Муома оройуонугар Победа диэн хайаҕа 3147 м үрдүккэ баар. Муома өрүс уҥа өттүгэр «Балаҕан таас» диэн ааттаах умуллубут вулкан турар. Ол суптугур вулкан 992 м үрдүктээх, төгүрүмтэтэ – 1200 м, үөлэһэ – 120 м.
Саха сирин саамай киэҥ күөлэ Индигир өрүс төрдүттэн арҕаа диэки Лапатка диэн тумул арыыга сытар – Моготоева. Ол күөл 300 кв.км иэннээх.
70-с параллель хоту өттүгэр, Лаптевтар муораларын биэрэгэр Ачаныр-Күөл диэн дьикти күөл баар. Бу күөл 40 кв.км кэриҥэ иэннээх. Олохтоох нэһилиэнньэ бу күөлү «алыптаах күөл» диэн ааттыыр. Кырдьаҕастар өйдүүллэринэн, былыыр-былыр бу сиргэ үрдүк булгунньах баара. Ол булгунньахха хойуу үүнээйи үүнэн силигилийэрэ, ити туундараҕа сэдэхтик көстөрө.
Киһи үксэ Саха сирин бастакы сибэккитинэн ньургуһуну ааттыыр. Дьиҥэр үөт талах муус устар ыйга сибэккилэнэр. Ол сибэккитэ кылабачыгас түү буолар.
Ф.П. Ефимов Дьиктилэр. Эҥин дьикти чахчылар. – Дьокуускай, 1984.
Анюта Андреева-Күндүүнэ бэлэмнээтэ.