Чурапчы краеведческай музейыгар дьиибэ экспонаттар – соҕурууҥу көтөрдөр фламинго чуучулалара баар буолбуттара.
1977 с. алтынньыга, уу тоҥмутун кэннэ, булчуттар өрөспүүбүлүкэ араас оройуоннарыгар хаарга үс фламинго өлө сыталларын булбуттара. Төрдүс көтөрү Дьокуускай куорат үөрэнээччитэ Игорь Мещеряков булан дьиэтигэр аҕалбыта.
Фламинголар Саха сиригэр тоҕо кэлбиттэрэ, соҕурууттан ыраах Хоту дойдуга диэри уустук суолу хайдах тэлбиттэрэ билиҥҥитэ – таабырын. Маннык түбэлтэ аан бастаан буолбута. Бу сэдэх көтөрдөр төрөөбүт сирдэрэ – Африка.
Ф.П. Ефимов Дьиктилэр. Дьиибэлэр. Дьээбэлэр. – Дьокуускай, 1981.
Анюта Андреева-Күндүүнэ бэлэмнээтэ.