Кистэлэҥнээх Лабыҥкыр күөл Өймөкөөн улууһугар Сордоҥноох намыһах хаптал хайатыгар тайаан сытар, 14 км усталаах, 4 км туоралаах. Номоххо кэпсэнэринэн, күөлгэ улахан сиэмэх, биллибэт кыыл олорор үһү, элбэх эбээн булчуттарын уу анныгар илдьэ барбыт. Ол биллибэт улахан кыыл тириитэ хара дьүһүннээх, улахан айахтаах, хараҕын икки арда уон бэрэбинэ кэккэлэспитин саҕа. Айаҕын атыыта икки миэтэрэҕэ тиийэр.
Геолог В.А. Твердохлебов бэлиэтииринэн, 1953 с. от ыйын 30 күнүгэр кинилэртэн 300 м. тэйиччи, Лабыҥкыр күөл ортотуттан кылабачыгас тириилээх сүүнэ харамай кинилэр диэки устубут. Ол күтүр көхсүттэн чороҕор мас быга сылдьар эбит. 1963 сыллаахха Дубна куораттан экспедиция кэлэн чинчийэр үлэни ыыппыт, үрүҥ түүн үстэ хараҥа кыыл ууттан дыгдайарын көрбүттэр. Учуонайдар сабаҕалыылларынан, ити көстүү реликтовай рептилия буолуон сөп.
С.С. Слепцов. Сердце Оймяконья. – Дьокуускай, 2011.
Анюта Андреева-Күндүүнэ тылбаастаата.