Бөрөлөөх улахана суох үрэх. Ыраах полярнай эргимтэ иһинээҕи туундараттан ол үрэх уутун ылар, Индигирка өрүс элбэх салааларыттан биирдэстэрэ буолар. Быдан былыргы хамсыыр харамай дэҥҥэ көстөр пааматынньыгар – бу миэстэлэргэ уон тыһыынчаттан тахса сыл анараа өттүгэр үөскээбит хотугу слоннар баһаам элбэх уҥуохтара мустубут сирин аатын кини биэрбитэ.
Мамоннар Бөрөлөөхтөөҕү кылабыыһаларыгар элбэх экспедиция сылдьыбыта. Учуонайдар ааспыт тыһыынчанан сыллар харамайдарын чинчийээччилэр мантан хас да тонна уҥуоҕу тиэйэн таһаарбыттара. Маннык элбэх уонна арааһынай уҥуох сир үрдүгэр, биитэр чопчу лоскуй сиргэ мунньуллубут курдук хайдах кыстана сыппытай? Арааһынай сабаҕалааһыннар бааллар, ол гынан баран саҥаттан саҥа бэлиэлэр мамоннар кылабыыһалара таас үйэ дьоннорун кытары сибээстээх буолуохтара диэн сэрэйэллэр. 1970 сыллаахха Бөрөлөөхтөн Геология лабораториятын заведующайа Б.С. Русанов салайааччылаах экспедиция үрэх биэрэгэр мамонт буорту буолбатах былчыҥ эттээх уонна түүлээх атаҕа сиртэн быга сытарын булбута. Аан дойдуга саамай хотугу палеолит эпохатын өйдөбүнньүгүн аһар кэскил үөскээбитэ.
Ф.П. Ефимов. Эҥин дьикти чахчылар. – Дьокуускай, 1984.
Анюта Андреева-Күндүүнэ бэлэмнээтэ.