“Ыттаах куоска курдук”…
Ким итинник өс хоһоонун билбэтий? Ыттар бары: тэллэх ыта да, бульдог да, куосканы көрүөхтэрин эрэ кэрэх, сиэри хаайаллар. Оттон ыт эккирэппит куоската куттанан, буута быстарынан сүр сымсатык остуолбаҕа өрө хатаастан тахсар.
Ол эрээри наар оннук буолбат.
Урут биһиэхэ Белка диэн тэллэх ыта баара. Сыл аайы кини элбэх баҕайы оҕону төрөтөрө. Биир саас Белкабыт эмиэ оҕоломмута да, биир да оҕо тыыннаах орпотоҕо. Ыппыт эрэйдээх, сүрдээх көҥөс, үрүгэн бэйэтэ, майгыта тосту уларыйан хаалбыта – күнү быһа саҥата суох, аһаабакка, уу да испэккэ, аан таһыгар сытан тахсара. Ардыгар санньыардык үөһэ тыынан ылара.
Кэргэним биһикки аны ыппыт ыалдьан хаалыа дуу диэн дьиксиммиппит.
Дьэ ол кэмҥэ ыалбыт дьахтар түү мээчик саҕа быыкаайык куоска оҕотун биэрбитэ. Куоскабыт оҕотун биһиги Кузя диэн ааттаабыппыт уонна оһох чугаһыгар посылка дьааһыгар өрбөҕү, баатаны симэн, уйа оҥорон биэрбиппит.
Кузя баар буолбута Белканы улаханнык долгуппута. Куоска оҕото ньааҕынаата, кыратык эмэ хамсаата да, ыппыт дьааһык диэки кыйахаммыттыы хайыһара уонна үрэн ньаргыйара.
Үс хонук ааспыта. Төрдүс күнүгэр… Биһиги көрбүппүтүн итэҕэйбэтэхпит. Кузябыт, дьиҥнээх ыт оҕотун курдук, Белка иһигэр төбөтүн ыксары анньан баран, эмэн чобурҕата сытара. Белка буоллаҕына саҥа оҕотун сүрдээҕин астыммыттыы салаамахтыыра.
Хайдах итинник буолбутун биһиги билбэккэ хаалбыппыт, олус соһуйбуппут, үөрбүппүт даҕаны. Дьиибэргиэх иһин, Кузялаах Белка икки ардыларыгар, көннөрү доҕордоһууну ааһан, дьиҥнээх таптал үөскээбитэ. Кинилэр, ханнык баҕарар ийэлээх оҕо бэйэ-бэйэлэрин таптаһалларын курдук, истиҥник чугаһаспыттара.
Белкабыт оҕотун бэйэтиттэн харыс да сиргэ халбарыппат этэ: мэлдьи кэтии-маныы сылдьара, ханна эмэ куотаары оҥоһуннаҕына, сэрэнэн ытыран ылан оннугар аҕалара.
Бириэмэ ааһан испитэ… Кузя үс ыйын туолбута, улааппыта. Аны ийэтин эмиийигэр топпокко, үүтү бүлүүһэттэн иһэр буолбута. Син оҕо оҕото өтөн, наар мэниктээн тахсара. Күнү быһа бэйэтин кутуругун сырсан, ону-маны тиниктээн, төкүнүтэн оонньуура. Белка буоллаҕына, киниттэн хаалсыбакка, тэбис-тэҥҥэ сүүрэрэ-көтөрө. Адьаһын оҕотугар түспүт курдуга. Биһиги, кинилэр оонньуулларын көрө-көрө, күлэн тахсарбыт.
Өссө хас да ый ааспыта. Кузя бөдөҥ баҕайы куоска буола улааппыта. Ол эрээри син биир ииппит ийэтиттэн тэйбэтэҕэ. Белкалыын биир иһиттэн аһыыра, утуйарыгар кини көхсүгэр ыттан сытара. Арааһа, кырдьык да, төрөппүт ийэм дии саныыр быһыылааҕа. Ыппыт эмиэ олус убанан хаалан, оҕом борбуйун көтөхтө диэбэккэ, син биир уруккутун курдук бүөбэйдиирэ: аһыылларыгар Кузята тотуор диэри аска чугаһаабат этэ, аһаабытын кэннэ оҕотун сирэйин ып-ыраас гына салыыра, ким эмэ атаҕастыа диэбиттии, иһирдьэнэн-таһырдьанан батыһа сылдьара.
Ити курдук сырыттахтарына, биирдэ алдьархай ааҥнаабыта. Мин кэргэним үлэтигэр сахсырҕалары өлөрөр бороһуогу бэрсибит этилэр. Кини ону ууга суурайан баран, бүлүүһэлэргэ кутан, түннүктэргэ уурталаабыта. Үс күн устата ол эми амсайан, сахсырҕа уонна бырдах бииһэ биллэрдик көҕүрээбитэ. Онтон төрдүс хонугар…
Үлэбититтэн кэлээт, биһиги иэдээн тахсыбытын тута билбиппит. Кузя эрэйдээх, аан аттыгар сэниэтэ суох сытан, дьаакка ымньаммыт атахтарын салыыра. Кини хайыы-үйэ кыайан турбат буолбут этэ.
Үүт да, эмп да абыраабатаҕа. Куоскабыт, быыһаа-көмөлөс диэбиттии, Белкаҕа сыыллан тиийэн, кини иһигэр сыстан сыппыта. Аҕыйах чааһынан барыта бүппүтэ. Арай ыппыт, тугу да өйдөөбөтөх курдук, Кузятын кулгааҕын салыыра.
Куоскабытын мин ойуурга көмө илдьибитим. Белка миигин эккирэтэн тиийбитэ. Иирэ талах анныгар иин хаһар кэммэр таҥаска суулана сытар Кузятын сытырҕалыы-сытырҕалыы ыйылыыра уонна мин диэки: “Эн тоҕо оҕобун манна аҕаллыҥ? Хайаары гынныҥ?” – диэбиттии, ааттаһардыы көрөрө.
Кузяны көмөн баран, мин дьиэлээбитим. Белканы ыҥыра сатаабытым да, барсыбатаҕа. Оҕотун уҥуоҕун таһыгар улуйа-муҥатыйа хаалбыта. Кэлбиппэр, кэргэним, куоскатын аһыйан, дэлби ытаабыт этэ. Мин эмиэ мучумаан бөҕөтүгэр түспүтүм, ыппын аһыммытым. Барахсан, ити аата кини эмиэ таптыыр сүрэхтээх, хараастар дууһалаах буоллаҕа дии санаабытым.
Белкабыт дьиэтигэр сарсыарда эргиллэн кэлбитэ. Уку-сакы киирэн, тэллэҕэр кумуччу туттан сыппыта. Уоскуйдаҕына, аны аймаммытын аһарынар ини диэн эрэх-турах буолбутум. Ол эрээри мин алҕаһаабыт этим. Киэһэлик, үлэлээн баран кэлэн ааммын аһааппын кытта, ытым таһырдьа ойбута уонна тыа диэки сүүрэ турбута.
Онтон ыла биһиги Белкабытын көрбө-төхпүт.
Нэдиэлэни быһа мин, ыппын ыҥыра-ыҥыра, ойууру кэрийбитим да, булбатаҕым. Арааһа, кини ииппит-аһаппыт оҕотун аһыйан, хаһан да эргиллибэттии, атах балай барбыта буолуо.
Леонид КОНОПЛЯНКО