ДЫЛЫ уонна ДИЭРИ диэн тыллары олус бутуйаллар, сыыһа тутталлар. “Көрсүөххэ дылы”, “сэттэ сааһыгар дылы”, “мантан куоракка дылы” диэн сыыһа саҥараллар, оннук суруйаллар. “Биир өйдөбүллээхтэр буолбатах дуо?” – дииллэр. Доҕоттоор, оннук буолбатах, олох тус-туспа суолталаах тыллар.
ДИЭРИ диэн тыл нууччалыы “до” диэн тылбаастанар. Бу тылы КЭЭМЭЙИ уонна КЭМИ быһаарарга туттуохтааххыт.
Холобура, КЭМИ (бириэмэни, күнү-дьылы, киһи сааһын) бэлиэтииргэ: аны сааска диэри, бэҕэһээҥҥэ диэри, эһиилгэ диэри, 26 сааспар диэри, оскуоланы бүтэриэхпэр диэри, хамнаһым кэлиэр диэри.
КЭЭМЭЙИ (ыйааһыны, ырааҕы-чугаһы, уһуну-кылгаһы) этэргэр: 70 кг диэри ыйааһыннаахтар, 60 миэтэрэҕэ диэри, чугас күөлгэ диэри, Москваҕа диэри, туоннаҕа диэри.
Оттон ДЫЛЫ диэн тыл “наподобие, как, вроде, словно, подобно” диэн тылбаастанар. Ол эбэтэр кими эрэ тэҥнииргэр, кимиэхэ эрэ майгыннатаргар, туохха эрэ холуургар туттарыҥ оруннаах.
Холобура, “Киниэхэ дылы тоҕо эмискэ кыыһырдыҥ?”, “Кыыска дылы кыбыстар”, “Акаарыга дылы буоллаххын”, “Эмиэ да кини сонугар дылы”, о.д.а.