Биhиги, Кириллинэр дьиэ кэргэн, дьиэбитигэр кустары иитэбит. Кустары муус устар ыйтан саҕалаан ииппиппит. Аҕабыт Сергей Георгиевич аан бастаан түөрт куhу куораттан атыылаһан аҕалбыта. Ол кэнниттэн инкубатор атыыласпыппыт уонна кус, индюк, хаас, бройлер куурусса инкубатордаан таһааран, сайын устата ииттибит.
Кус, индюк, хаас 28 күнүнэн сымыыттан тахсаллар, оттон бройлер курусса — 21 күнүнэн. Индюк, хаас, бройлер түргэнник ситэллэр эбит. Күһүҥҥү эккэ диэн ииттибит.
Бройлер куурусса, индюк, хаас алта ыйдарын кэнниттэн сымыыттыыллар эбит. Билигин 23 кустаахпыт.
Улахан кустарбыт сайын устата сымыыттаатылар. Кус оҕолорун иккис нэдиэлэлэриттэн ууга үөрэтэн, сыыйа тиэргэммит таһыгар баар кыра көлүччэҕэ сөтүөлэтэн сайылаттыбыт. Кустарбыт оҕолоро билигин улаатаннар онно ийэлэрин, аҕаларын кытта бииргэ сылдьан аһыыллар, ууга усталлар, түүнүн ууга баар килиэккэлэригэр аҕабыт киллэрэр. Кустар ууну нahаa cөбүлүүллэр.
Ийэбит Нюргустаана Петровна биһигини чоппуускалары кыра эрдэхтэриттэн хайдах көрөргө, инкубаторы хайдах туттарга, кэтииргэ, аһатарга үөрэтэр.
Мин балтыбынаан Айхаллааналыын сайын устата ийэбитигэр көмөлөстүбүт. Эбии аһылыкка комбикорм сииллэрин ордороллор. Саамай сөбүлүүр астара — балык, уу ньамаҕа. Сайын устата Таатта үрэхпитигэр туу быраҕан мундулаан аһаттыбыт.
Кустарбытын кыстатан, өссө элбээтиннэрэн иитэр санаалаахпыт.
Алгыстаана Кириллина,
Алампа аатынан Ытык-Күөл 1 №-дээх
орто оскуолатын 4-б кылааһын үөрэнээччитэ,
“Ситим” кулууп эдэр кэрэспэдьиэнэ.