Дьиэ кэргэн уонна Оҕо-аймах сылын чэрчитинэн, Аҕа дойдуну көмүскээччилэр күннэригэр аналлаах «Уус оскуолата» диэн оскуолабытыгар аҕа уонна уол күрэҕэ бэрт көхтөөхтүк буолан ааста. Бу күрэх уол оҕону сөпкө иитиигэ, араас сатабылларга үөрэтиигэ, аҕа оруолун үрдэтэр сыаллаах ыытылынна.
Күрэҕи аҕалар түмсүүлэрин салайааччыта, технология учуутала Игнатий Михайлович Бурцев уонна производственнай дьыала маастара Александр Герасимович Павлов тэрийэн ыыттылар. Нэһилиэкпит аҕа түмсүүтүн көхтөөх аҕалара сэҥээрэн кэлэн көрдүлэр.
Күрэх уопсайа үс түһүмэҕинэн ыытылынна. Бастакы түһүмэххэ дьиэлээх хаһаайыттар сахалыы быһаҕы тургутан көрдүлэр. Иккис түһүмэххэ бэриллибит сорудаҕы бириэмэҕэ оҥорон таһаардылар, ол эбэтэр ас булкуйар лаппаахыны оҥордубут. Үһүс түһүмэххэ дьиэ хаһаайкатыгар, ийэлэрбитигэр олус наадалаах саха ытыгын оҥордубут.
Күрэх түмүгүнэн биэс оҕолоох, улахан дьиэ кэргэн аҕата Дьячковский Николай Николаевич уолунуун Ростиктыын кыайыылааҕынан таҕыстылар.
Иккис үктэл аатын Домнин Олег Викторович уолунуун Айааллыын ыллылар
Үһүс миэстэҕэ мин аҕабыныын Аммосов Герман Егоровичтыын тигистибит.
Кыттааччылар бары «өттүк харалаах, илии тутуурдаах» үөррэ-көтө тарҕастыбыт. Ол курдук, хайҕал суруктарынан уонна булка, уһанарга туттуллар бириистэринэн наҕараадаланныбыт. Аҕаларбытын кытта аҕыйах бириэмэ иһигэр оҥорбут дьиэҕэ туттуллар бэрт туһалаах маллары ийэлэрбитигэр кэргэттэригэр бэлэх уннубут. Түмүккэ, аҕалар түмсүүлэрин салайааччыта Игнатий Михайлович аҕаларга махтанан туран, уол оҕону өбүгэ үгэстэригэр, үөрүйэхтэригэр бэйэ холобурун иитиигэ сыаллаах күрэхтэр өссө да ыытыллыахтара диэн туоһулаан эттэ.
Ростик Дьячковскай:
Түһүмэхтэр сорудахтарын сөбүлээтим. Маннык тэрээһиҥҥэ өссө да кыттыам. Аҕабын кытта уһанарбын сөбүлүүбүн, кини бэйэтэ сахалыы быһахтары, дьиэҕэ туттуллар малы-салы оҥорор.
Ростик аҕата Николай Николаевич Дьячковскай:
Маннык тэрээһиҥҥэ уолбун кытта бастыкыбын кытынным. Күрэх олус үчүгэйдик, интэриэһинэйдик ааста. Инникитигэр элбэх кыттааччы кыттарыгар баҕарабын, биһиги өссө да кыттыахпыт. Күрэҕи тэрийэн ыыппыт оскуола үлэһиттэригэр, кэлэн көрбүт, биһиэхэ ыалдьыбыт нэһилиэк аҕаларыгар махталбытын тиэрдэбит. Маннык күрэхтэр элбэххэ үөрэтэллэр уонна төрөппүт оҕотун кытта алтыһыытын өссө дириҥэтэллэр, үчүгэй өйдөбүл хааллараллар. Уолбун кыттан күрэххэ кыттан кыайбыппытыттан олус үөрдүбүт.
Домниннар ийэлэрэ Полина Гаврильевна санаатын маннык үллэһиннэ:
Наһаа үөрдүм, күөрчэхтэннибит (ытык), тиэстэ мэһинэр лаппаахыланныбыт. Бу бириистэр сатыы сылдьар булчукка ыйааһына чэпчэки. Хаһаайыстыбаҕа барыта наадалаах, ис сүрэхтэн оҥоһуллубут, бэлэхтэммит бириистэр ордук суолталаахтар.
Бу курдук биһиги ийэбит эмиэ наһаа үөрдэ. Биир күммүтүн бары туһалаахтык атаардыбыт уонна олус суолталаах тэрээһинтэн астынныбыт.
Саян Аммосов,
X кылаас,
Арыылаах, Дьааҥы