Гражданскай сэрии геройа К.Алексеев аатын сүгэр Хаптаҕай орто оскуолатыгар төрөппүтү үөрэхтээһинэ буолан ааста. Бу күн үөрэхтээһин бэлиэтэнииттэн, кофе-брейктан, үлэ хаамыытын, секциялары билсиһиннэрииттэн саҕаланна.
Үөрэхтээһин тус туспа секцияларынан ыытылынна. Секцияларга оҕону иитиигэ, оҕо , төрөппүт эппиэтинэстэрин, бырааптарын тула кэпсэтии, , араас педагогическай ситуациялары ырытыы, эппиэттэһии, психологическай мүнүүтэ, оҕону иитии тула кэпсэтии, сүбэлэр уонна оскуола директорын кытта тус кэпсэтии .
«Сокуону тоһо билэҕин» секцияны история, обществоведение учуутала Н.Т. Парфенов, алын кылаас учуутала С.Н. Степанова, «Өйдөө, толкуйдаа» секцияны учууталлар Н.Н. Давыдова, А.А. Адамова, «Тургутуу»- психолог А.И. Васильева, учууталлар В.В. Васильев , Т.И. Ощепкова, «Сынньанан аас» — учууталлар А.Э. Никифорова, М.А. Терентьева, Г.В. Никифоров, «Хардыылаа, субэлээ»- учууталлар М.Н. Кривошапкина, Ж.В. Алексеева уонна «Ыйыт – эппиэттиибин» — оскуола директора И.В. Кычкина тус боппуруостарга эппиэттээтэ.
Секциялар олус таһымнаахтык аастылар. Төрөпүттэр аһаҕас кэпсэтиигэ көхтөөхтүк кытыннылар, санааларын этэн, элбэҕи билэн – көрөн тарҕастылар. Холобур, үөрэхтээһин кыттыылаахтарын санаалара: «Олус туһалаах үөрэхтээһин буолан ааста. Элбэх төрөппүт кыттыбыта үөрдэр. Бу тэрээһин элбэҕи биэрдэ, ордук эдэр төрөппүттэр туһаннылар быһыылаах. Ордук чорботон бастакы «Сокуону төһө билэҕин» секцияҕа учуутал Парфенов Николай Терентьевич сокуону сырдатыытын сэҥээрдим».
Д.Н. Васильев оскуола аҕа сүбэтин салайааччыта: «Бу тэррэһини тус бэйэм астынным. Маннык тэрээһин төрөппүттэри сомоҕолуур. Бэйэм быйылгаттан ДЮСШ-ттан оҕолорго тустуу секциятын ыытан саҕалаатым. Оҕолоргутун бу секцияҕа сырытыннарын диэн ыҥырабын. Бэйэм өттүбүттэн уолаттары иитиигэ көмөлөһүөм, тустуу уол оҕо эт-хаан өттүнэн сайдыытыгар туһалаах. Бэйэм санаам оҕолору оскуолаттан 11 кылааһы бүттэттэрэн баран ыыттаргытыгар баҕарабын. 9 кылаас кэнниттэн оҕо ситэ иликтэринэ бараллара төрөппүккэ да, оҕоҕо да, охсуулаах дии саныыбын.«
И.И Ефремова төрөппүт сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ: «Бүгүн бэрт сэргэх, төрөппүккэ туһалаах тэрээһин буолла. Аҕыйах кэм иһигэр кэтээн көрүүбүнэн биһиги оскуолаҕа мунньахха тэрээһиҥҥэ аҕалар кыттыылара мөлтөх, ордук ийэлэр кытталлар. Ааспыт тэрээһинтэн бүгүн аҕалар кэлиилэрэ элбээбитэ үөрдэр. Салгыы аҕалар элбэх буолан кытталлара буоллар. Бүгүҥҥү үөрэхтээһин олус туһалаах.«
Түмүккэ оскуола директора И.В. Кычкина 2022 сыл түмүгүнэн Мэҥэ-Ханалас улууһун оскуолаларын мониторинынан бастакы бөлөххө Хаптаҕай орто оскуолата икки сыл субуруччу (2021, 2022) бастаабытын иһитиннэрдэ.
Бу учууталлар, үөрэнээччилэр, төрөппүттэр барыбыт үлэбит түмүгэ буоларын этэн туран төрөппүттэргэ махталын эттэ уонна оҕо иитиитигэр бэргэн этиилэринэн тумуктээтэ.
«Кустук» медиа студия,
Хапта5ай оскуолата