Бу дьыл муус устар 18 күнүнээҕи Арассыыйа Бэрэсидьиэнин Владимир Путин 212 №-дээх укааһынан дьиэ кэргэн уонна оҕолору иитии үнүстүтүүтүн бөҕөргөтөөһүҥҥэ үтүөлэрин иһин “Төрөппүт килбиэнэ” уордьанынан Петр Филиппович уонна Людмила Петровна Пестряковтар дьиэ кэргэттэрэ наҕараадаланна. Үөрүүлээх сонун сири-дойдуну биир гына тилийэ көттө.
Биһиги бу түгэни мүччү тутумуна, бэҕэһээ киэһээ Пестряковтар мааны тэлгэһэлэригэр биирдэ баар буола түстүбүт. Алаһа дьиэ араҥаччыта, ыал ийэтэ Людмила Петровна алаадьылаах сандалытыгар үүттээх чэйи сырылата-сырылата, хаһан эрэ уруккуттан билсэр дьон курдук, олус истиҥник уонна сылаастык кэпсэттибит.
Өрөспүүбүлүкэҕэ сэттэ кыталык кыргыттардаах Пестряковтары билбэт киһи аҕыйаҕа буолуо. Бассаапы аймаабыт МЧС формалаах кэрэ аҥаардар майор аҕаларыгар стройдаан турар хаартыскалара кытары баарын өйдүүргүт буолуо. Ол кинилэр — биһиги бүгүҥҥү ыалдьыттарбыт.
Пестряковтар быйыл ыал буолбуттара 30 сылыгар барда. 1993 сыллаахха эдэркээн Люда уонна Петя Бороҕоҥҥо харахтарынан хайҕаһан, сүрэхтэринэн сөбүлэһэн ыал буолбуттара. Ол туһунан ыал ийэтэ Людмила Пестрякова ахтар: “ Мин оччолорго саҥа оскуоланы бүтэрэ сылдьарым, 18 эрэ саастаахпын. Онтон биирдэ Бороҕоҥҥо аармыйаттан кэлбит, эдэркээн, хап-хара хаастаах, сытыы-хотуу, чаҕылыйбыт уолу кытары билиһиннэрдилэр. Ол Петям этэ. Өссө ол саҕана кини абаҕатын, артыыс Петр Петровиһы наһаа сөбүлүүрбүт. Аймахтыыларын билэн баран өссө үөрбүтүм. Онтон таптал уотугар умсубуппун билбэккэ да хаалбытым”.
Петр уонна Людмила иккиэн биһиктэрин ыйаабыт төрөөбүт сирдэрэ Уус Алдан Бороҕоно буолар. Петр Филиппович оттон улааппыт, төлөһүйбүт сирэ – Амма.
Эдэр ыал сыыйа-баайа оҕолонон, 1997 сыллаахха Дьокуускайга көһөн кэлэллэр. Маҥнайгы оҕолоро, улахан кыыстара, эбэтин аатынан сүрэхтэммит, Любовь билигин АГАТУ магистрана уонна преподавателэ, үөрэҕинэн инженер, икки кыыс оҕолоох. Иккис кыыс Марианна, ийэтин өттүнэн эбэтин аатын сүгэр, саха гимназиятын бүтэрбитэ, кыыс оҕолоох. Үһүс кыыс Нарианна Дьокуускайдааҕы дизайн уонна технология колледжын быйыл бүтэрэр, идэтинэн ландшафтнай дизейнер. Төрдүс кыыс Людмила саха политехническэй лиссиэй 9 кылааһын үөрэнээччитэ, быйыл ОГЭ туттарар буолан күн солото суох, оскуола актыбыыһа, инникитин тыйаатыр гримерын идэтин баһылыыр баҕалаах. Бэһис кыыс Елена эмиэ саха политехническэй лиссиэйигэр 5 кылааска үөрэнэр, волейболунан үлүһүйэр, спорт өттүгэр барыларыттан дьоҕурдаах. Алтыс кыыс Лариса лиссиэй 3 кылааһын үөрэнээччитэ, үөрэх таһынан оскуола иһинэн ыытыллар ювелир куруһуогар дьарыктанар. Мурун бүөтэ, кыра кыыс Мария, хос эбээтин аатынан (Петр Филиппович эбэтэ) сүрэхтэммит, маҥнайгы кылааска үөрэнэр, улааттаҕына худуоһунньук буолуон баҕарар.
Кыргыттар бары үөрэхтэригэр үчүгэйдэр, Петр Филиппович: “Оҕо үөрэҕэр бастакы кылааска куруһуоктарга, эбии дьарыктарга аралдьыйбакка үөрэниэхтээх дии саныыбын, тоҕо диэтэххэ маҥнайгы кылааска үөрэх сүрүн баазата иҥэр. Онтон 2 кылаастан оҕо сҕөбүлээбит дьарыгар киириэн сөп”, — диэн этэр.
Үөрэх кэнниттэн дьиэтээҕи эбээһинэһи бары күргүөмүнэн толороллор. Кыргыттар кыра саастарыттан аһылыгы бары астыы үөрүйэхтэр, онон төрөппүттэригэр көмөлөрө улахан. Ити курдук күргүөмүнэн айылҕаҕа тахсан сир астыыллар, сайын аайы оҕуруот көрөллөр. “Оҕуруот көрүүтэ, хайа баҕарар үлэ оҕону бэрээдэккэ үөрэтэр”, — диэн аҕалара этэр.
Биир дьиибэтэ, Петр Филиппович бултка сыстыбатах киһи, куска-хааска сылдьыбат. “Баҕар, ол да иһин буолуо, Дьылҕа уол оҕону бэлэхтээбэтэ”, — диир. Ол оннугар маска-ууска маастар, сатаабатаҕа диэн суох. Петр Филиппович баһаарынай чаас начаалынньыга, үлэтэ ыарахан. Ол туһунан бэйэтэ маннык кэпсиир: “Бастаан үлэлэбэр начаалынньыгынан ананан баран, эппиэтинэһэ сүр, ол-бу күчүмэҕэйдэргэ кыыһырар аҕай этим, ол кыыһырбыппын дьиэбэр аҕаларым, туох үчүгэйдээх буолуой, аҕа киһи дьиэтигэр кыйахана, ыараханнык тыына сылдьара. Онтон тоҕо мин кыыһырбыппын дьиэбэр аҕалыахтаахпыный диэн санааҕа кэлбитим. Онон үлэ үлэҕэ хаалар буолбута. Дьиэҕэр киирэргэр, үлэ иһинээҕи кыһалҕалары барытын хаалларан киирэҕин”.
Кэпсэтиигэ ыал ийэтэ Людмила Петровна кыттыһар:
“Дьиэ эйгэтэ төрөппүттэн тутуллар. Дьиэ иһигэр төрөппүт иллээх-эйэлээх, күлэ-үөрэ, барыны-бары бииргэ оҥоро, айа-тута, бэйэ-бэйэлэрин икки ардыларыгар өйдөһө-өйөһө сылдьар буоллахтарына, оҕолор эмиэ ону көрө улааталлар. Биһиги кыыһырсыбаппыт даҕаны, баҕар, эдэр сылдьан кыраттан кыыһырсарбыт да буолуо, ону оҕолорго хаһан да көрдөрбөтөхпүт. Оҕолор аһаҕастар, миигин да, аҕаларын да кытары тэҥҥэ аһаҕастык туох баарынан кэпсэтэллэр, санааларын үллэстэллэр. Онон хайа баҕарар дьиэ кэргэҥҥэ оҕоҕо бастыҥ холобур төрөппүт буолар”.
Пестряковтар дьиэ кэргэн биир олус үтүө үгэстээхтэр. Ол курдук, аһыах иннинэ остуолга олорон хайаан даҕны алгыс тыл этэллэр. Аан маҥнай кыргыттар оҕо уһуйааныттан алгыска үөрэнэн кэлбиттэр, онтон аһаары олорон алгыс тылын этэр идэлэммиттэр, ону төрөппүттэр иилэ хабан, билигин аһылык иннинэ алгыс дьиэ кэргэн үтүө үгэһигэр кубулуйбут. Манна эттэххэ, кыргыттар бары Дьокуускай куорат “Кэскил” оҕо уһуйаанын иитиллээччилэрэ. Онон төрөппүттэр саха култууратын, тылын-өһүн, үгэһин өрө тутар, оҕоҕо ону кыра саастарыттан сыһыарар, үөрэтэр уһуйааннарыгар махтаналлар.
Бырааһынньыктары бииргэ ылааһын уонна төрөөбүт күҥҥэ хас биирдии киһи төрөөбүт күннээххэ эҕэрдэ тылы этэрэ эмиэ солбуллубат үгэс. Ыһыах, Саҥа дьыл — бу дьиэ кэргэн сөбүлүүр бэлиэ күннэрэ. Аны кулун тутар 8 күнэ! Ааҕаачылар, баҕар, дьэ, ыал аҕата бэлэх биэрэригэр мучумааннаныыһы дии саныаххыт эрээри, Петр Филиппович төрөөбүт күнэ — кулун тутар 8 күнэ! Онон бу күн дьиэ кэргэн бүттүүн бырааһынньыга буолар. Пестряковтар сиэннэрэ эмиэ кыргыттар, онон ыал аҕата, эһээтэ сибэкки ортотугар олорор дьоллоох киһи. “Кыргыттар аҕаҕа ордук чугастар, аҕа оҕолоро”, — диэн этэр аһарар ыал ийэтэ.
Дьиэ кэргэнинэн араас сирдэринэн айанныылларын сөбүлүүллэр, эбэһээт омук дойдутугар буолбакка, төрөөбүт Сахабыт сиригэр кэрэ сирдэр элбэхтэр, оҕо аҥардас айаннаан, атын сири-дойдуну көрөн тулалыыр эйгэтэ сайдар диэн санаалаахтар.
Ааҕыы, оҕону кыра сааһыттан ааҕыыга сыһыарыы — бу дьиэ кэргэн эмиэ сүрүн тосхоло. Кыра кыргыттар “Кэскил” оҕо бэчээтин кыһата таһаарар “Кэскил” хаһыат, “Чуораанчык” сурунаал эрэллээх сурутааччыллара, ааҕааччыларын билэммит үөрдүбүт.
“Дьиэ кэргэн дьоло туохха сытарый?” диэн ыйытыыбар кэргэнниилэр санаалара биир буолан биэрдэ:
“Дьиэ кэргэн дьоло — доруобуйа, доруобуйа баар буоллаҕына, киһи барыны-бары кыайар, оҥорор, санаабытын ситиһэр кыахтаах”. “Хайа баҕарар киһи, улаатан, ыал оҥостон, оҕо төрөтөн, дьоллоох дьиэ кэргэн аатын үрдүктүк сүгэрэ — бу төрөппүт иитиититтэн тахсар, дьоллоох оҕо саас — бу оҕоҕо төрөппүт утары ууммут сылаас сыһыана, истиҥ таптала, өйөбүлэ, эрэлэ буолар. Онон биһиги төрөппүттэрбитигэр махталбыт муҥура суох”,
— диэн кэпсэтиибит бүтэр уһуга төрөппүккэ махтал тылларынан түмүктэннэ.
Дьиэ кэргэн оҕолорунан дьоллоох, төрөппүт дьоло — оҕолоругар.
Кэпсэттэ Анна СЛЕПЦОВА.
Хаартыскалар дьиэ кэргэн архыыбыттан.
1
Очень приятная семья, дети очень скромные, воспитанные, талантливые!