Саха итэҕэлинэн, Айыыһыт сыла — дьиэ кэргэн, таптал айыыта. Ол курдук, Арассыыйаҕа биллэриллибит дьиэ кэргэн сылын түмүктүүр тэрээһин ыытылынна. «Төрүччү: өбүгэ ситимэ» диэн ааттаах бырайыак чэрчитинэн, төрдү-ууһу биллэрэр, өбүгэ дьону билиһиннэрэр, удьуору үйэтитэр, аймаҕы ааттатар сыаллаах сорук туруоруллубута.
Икки сүһүөҕүнэн арахсан, араастаан толкуйдаан, бэйэ сөбүлүүрүнэн төрүччүлэрин оҥорон көмүскээтилэр. Үксүн Аал Луук маһы уруһуйдаан, силиһигэр өбүгэлэрин ааттарын суруйан, лабааларыгар аҕа, эбэтэр, ийэ ууһун дьонун ааттарын сэбирдэхтэргэ суруйан оҥорбуттар. Алын кылаас оҕолоро төрөппүттэрин кытары аныгы технологиянан араас төрүччүнү оҥорор программалары туһанан оҥорбуттара кэрэхсэбиллээх.
Бырайыакпыт өссө да салҕанар. Саас Кыайыы 80 сылын көрсө уоттаах сэриигэ кыргыспыт хос эһэлэрбит, тыылга үлэлээбит хос эбэлэрбит, сэрии сылын оҕолорун тустарынан улахан быыстапка тэрийэр былааннаахпыт. Ону таһынан үлэни барытын түмэн, хомуурунньук тахсыахтаах.
Ити курдук, хас биирдии дьиэ кэргэҥҥэ истиҥ сыһыан, таптал, махтал, эрэл баар буоллаҕына, дойдубут бигэ туруктаах буолар. Туох барыта аан бастаан дьиэ кэргэнтэн саҕаланарын бигэтик өйдүөх тустаахпыт. Ону таһынан төрдү-ууһу үөрэтии, билии, аймахтарбытын кытта алтыһа сылдьарбыт, төрүттэрбит олорон ааспыт олохторун билии, үөрэтии,чинчийии – өбүгэлэрбитигэр үрдүк ытыктабылбыт туоһута. Хас биирдии оҕо өбүгэлэрэ тугунан дьарыктаммыттарын билэрэ инники идэтин таларыгар көмөлөһүө, олоххо тирэхтээх буоларыгар ситиһии буолуоҕа.
Латифа Маркова, Виолетта Иванова,
“Платформа” медиа киин чилиэннэрэ,
Н.Е. Иванов аатынан Бөтүҥ орто агро оскуолата, Амма улууһа.
keskil14.ru