СӨ Ыччат дьыалатыгар уонна социальнай коммуникацияҕа министиэристибэтин Дьиэ кэргэн уонна ыччат социальнай-психологическай өйөбүлүн киинэ билиҥҥи уустук, дьиэҕэ хаайтаран олоруу кэмигэр психологическай көмөнү оҥорор.
Өскөтүн дьиэҕитигэр ким эмэ эбэтэр бэйэҕит эксээмэни кыайан туттарыам суоҕа диэн аһары долгуйар, дистанционнай үөрэҕи кыайан баһылаабакка санаата түһэр эбэтэр төрөппүттэргит үлэтэ суох олорон, муунтуйан, оҕолорун мөҕөр, бэл, илиилэрин көтөҕөр буоллахтарына, анал үөрэхтээх психологтар суһал көмөнү оҥоруохтара, кэпсэтиэхтэрэ.
Оннук түгэннэргэ бу төлөпүөннэринэн күнүстэри-түүннэри эрийэн, кэпсэтиэххин, сүбэ-ама ылыаххын сөп:
8-800-100-3550 өрөспүүбүлүкэтээҕи итэҕэйэн эрийии төлөпүөнэ (телефон доверия).
8-800-2000-122 Россиятааҕы итэҕэйэн эрийии төлөпүөнэ.
8-800-100-22-83 «Мобильная кризисная служба».
Төлөпүөнүнэн кэпсэтии:
— Төлөбүрэ суох;
— Эн ааккын ким да ыйыппат;
— Кэпсээбиккин эн олорор нэһилиэккэр, оскуолаҕар ким даҕаны тиэрдибэт.
Дьиэҕэ өр кэмҥэ хаайтаран олоруу оҕоҕо да, улахан киһиэхэ да, уйулгу өттүнэн ыарахаттардаах, охсуулаах. Бу туһунан бүгүн педагог-психолог Анна Павловна Федулова кэпсиир:
— Коронавирус ыарыы суоһуурунан сибээстээн: «Дьиэҕитигэр булгуччу олоруҥ!»- диэн ыйыы-кэрдии баар. Ол эрээри, аан дойду статистиката көрдөрөрүнэн, дьон дьиэҕэ хаайтаран олорон, дьон киҥэ-наара хойдор, оҕоҕо илиилэрин көтөҕөр түбэлтэтэ элбээбит.. .
Тоҕо оннук буоларый? Бастатан туран, уопсастыбаннай, социальнай олох күүскэ дьайар. Холобур, бу карантиҥҥа үлэлээбэккэ олорор киһи стресскэ ылларара чуолкай. Бу мантан дьиэ иһигэр кыыһырсыы тахсар. «Агрессор” майгылаах киһи бэйэтиттэн мөлтөх киһини күүс эбэтэр уйулгу (психология) өттүнэн сабардыыр буолар. Биир дьиэҕэ өр кэмҥэ хаайтаран олоруу түгэнигэр иирсээн уонна күүс өттүнэн өттөйүү тахсар куттала үөскүүр.
Ыалга маннык сыһыан биир тэҥник буолбакка, хас да түһүмэхтээх (цикл) барар. Маҥнайгы түһүмэх: агрессор кыраттан кыынньар, хаһыытыыр-ыһыытыыр, онон-манан быраҕаттанар. Иккис түһүмэх кэмигэр эйэлэһии түгэнэ буолар. Үһүскэ — эмиэ төттөрү агрессия араас быһыылара тахсаллар.
Итинник саҥаттан саҥа түгэн таҕыстаҕын аайы, агрессор «чуумпурар” түһүмэҕэ кылгаатар кылгаан иһэр, онтон кыыһырар-тымтар бириэмэтэ улааттар улаатар. Карантин бириэмэтигэр «чуумпурар» фаза өссө түргэнник кылгыыр, айдаарсар-кыыһырсар кэм уһуур.
Карантин кэмигэр сиэртибэ социумтан тэйиччи сылдьар буолан, дьон-сэргэ бу дьиэ кэргэҥҥэ оҕону атаҕастыылларын, кырбыылларын билбэттэр. Сиэртибэ толору агрессор былааһыгар сылдьар.
Онон биир саамай сүрүн кыһалҕанан сиэртибэ суһал психологическай көмөнү ылбата буолар. Хомойуох иһин, полиция итинник түгэннэргэ элбэхтэ кэлбэт, улахан иэдээн тахсыбыт эрэ буоллаҕына кэлиэн сөп.
Өскөтүн чугас аймаххытыгар, билэр дьоҥҥутугар итинник «агрессор» майгылаах киһи баар буоллаҕына, бу дьиэ кэргэҥҥэ оҕолор хайдах олороллорун сотору сотору төлөпүөннээн, сибээстэһэ, билсэ олоруоххутун наада.
Оҕо эмиэ бэйэтин бэйэтэ көмүскэнэр ньыманы билиэхтээх. Онно анаан үөһээ төлөпүөннэр нүөмэрдэрин биэрдибит.
Бэйэбит инф.