“Тыа сиригэр олорор үчүгэй” диэтэхтэринэ, мин дьүөгэм дьиэ кэргэнин Степановтары саныы түһэбин. Ол иһин эһиэхэ кини дьиэ кэргэнин туһунан кэпсиэхпин баҕарабын.
Ийэлэрэ Алина Михайловна “Россельхоз” бааҥҥа старший кассирынан 16 сыл үлэлээн кэллэ. Аҕалара Михаил Михайлович Чурапчытааҕы спортивный комплекс дириэктэрэ. Кинилэр 2004 сыллаахха ыал буолбуттара, 6 оҕолоохтор. Мин дьүөгэм Уля үһүс оҕолоро. Улаханнара 20 саастаах, студентка. Иккис кыыс 18 саастаах, эмиэ студентка, төрдүс оҕолоро уол, Чурапчы орто оскуолатыгар II кылааска үөрэнэр, бэһис оҕолоро, кыыстара, I кылааска Чурапчы орто оскуолатыгар киирбитэ. Саамай кыралара 1 саастаах уол.
Степановтар ыал буолуохтарыттан ыла тыа сиригэр олохсуйан, “бур-бур” буруо таһааран, бииргэ олорбуттара 20 сыл буолла.
– Киэҥ сиргэ олохсуйар санаабыт бастааҥҥыттан суох этэ. Кэргэним да, мин да баҕарбатахпыт. Дэриэбинэҕэ олорорбутуттан киэн туттабыт, астынабыт. Куорат олоҕун олох ылыммаппыт. Элбэх дьон баарыгар үөрэммэтэхпит”, – диэн этэр дьүөгэм ийэтэ.
Кырдьык, оннук. Тыа сиригэр олорор олус туһалаах, аҥаардас салгына ырааһа. Олорор сирэ да үчүгэй, чуумпу. “Билиҥҥи дьалхааннаах үйэҕэ арааһынай умсук элбэх. Тыа сиригэр киһи бэйэтин харыстабыллаах, харысхаллаах курдук сананар”, – диэн Алина Михайловна этэригэр мин толору сөпсөһөбүн.
– Биһиги бэйэбит чааһынай дьиэ быйыл эрэ тутуннубут. Ол иннинэ дьоммутугар сайылыы тахсааччыбыт. Кэргэним дьонугар сайын аайы оҕуруот корон, ынах ыан. Кыһалҕабыт ол эрэ буолар. Биир бэйэм оҕуруот диэҥҥэ сүрдээх чугаспын. Оҕолорум барытыгар күүс-көмө буолаллар. Бэйэм иистэнэбин уонна торт астыыбын, кондитербын, – кэпсиир Алина Михайловна.
Кини тыа сирин кыһалҕатыгар сибээс мөлтөҕүн ыйар. Оскуолалар үүнэн-сайдан, улаатан иһиэхтэрин баҕарар. “Спорт саалалар оҕолор дарыктаналларыгар болҕомто ууран үлэлииллэрэ олус бэрт буолуо этэ,” – диэн санаатын үллэстэр.
– Мин санаабар, тыа оҕото үлэһит буола улаатар. Биһиги дьиэ кэргэммитигэр оҕолорбут кыра эрдэхтэриттэн үлэһиттэр. Бэйэм даҕаны иллэҥэ суох үлэлиибин. Оҕолорбутун бэйэбит холобурбутунан үлэни таптыырга, үлэттэн дуоһуйууну ыларга иитэбит. Элбэх оҕолоох буолан, наар түбүккэ сылдьабыт, ким эрэ оҕо көрөр, ким эрэ дьиэ үлэтигэр көмөлөһөр. Кыргыттарым ас астыыллар, дьиэ-уот боппуруоһугар этэргэ дылы, төбөм ыалдьыбат”, – диэн санаатын үллэстэр ыал ийэтэ.
Мин дьүөгэм дьиэ кэргэнэ үлэни өрө туталларын таһынан, сынньалаҥнарын бииргэ атааралларын сөбүлүүллэр. Тиэргэннэригэр оонньуулларын, волейболлуулларын, теннистииллэрин кэрэхсииллэр. Быйыл күһүн дьиэ кэргэнинэн ГТО туттарыытыгар кыттаннар бастакы миэстэ буолары ситиспиттэрэ.
Бу курдук, Степановтар дьиэ кэргэн тыа сиригэр олорор туохтааҕар да үчүгэй дииллэр, тыа сирэ сайдарын туһугар тус кылааттарын киллэрэн, күннэтэ үлэлииллэр-хамсыыллар.
Вилена СТРУЧКОВА, IX кылаас,
“Тумус кыһа” медиа-киин, С.К. Макаров аатынан Чурапчы гимназията