Билиҥҥи кэмҥэ үгүс эдэр ыччат киэҥ сиргэ талаһа сатыыр. Ол эрэн дэриэбинэҕэ олохсуйуу син баар. Мин тус бэйэм санаам тыа сиригэр олохсуйуу, үлэ булунуу, дьиэ-уот тэринии куораттааҕар быдан чэпчэки.
Бүгүн эһиэхэ билсиһиннэриэхпин баҕарабын, хатыҥнардаах-чараҥнардаах Чурапчы улууһун, Хайахсыт нэһилиэгин эдэр, элбэх оҕолоох ыалын Павловтар дьиэ кэргэни.
Аҕалара Айсен Дмитриевич «Лидер» КСКА тэрилтэ5э операторынан үлэлиир, Амма Болугуруттан төрүттээх. Ийэлэрэ Алёна Михайловна нэһилиэк дьаһалтатыгар землеустроителынан үлэлиир, Хайахсыт төрүт олохтооҕо. Үс оҕолоохтор, бары оскуола үөрэнээччилэрэ. Улахан уол Мичил VIII кылаас, ортоку оҕолоро Эрчим төрдүс, саамай кыра, мааны кыыстара Айсаана II кылаас үөрэнээччитэ.
– Эһиги хас сыллаахха ыал буолбуккутуй? Бастаан киэҥ сиргэ олохсуйар санаалаах этигит дуу?
– Биһиги 2014 сыллаахха ыал буолбуппут. Аан маҥнай Покровскайга олорбуппут, ол кэнниттэн Чурапчыга бэйэтигэр. Улуус киинигэр олорон үгүс ыарахаттары көрсүбүппут. Ол курдук, оҕолорбутугар уһуйаан булбакка, үчүгэй үлэ көстүбэккэ, сөптөөх дьиэ-уот да суох буолан, ”ойуурдаах куобах охтубат” диэбиттии төрөөбүт дойдубар Хайахсыппар көһөн кэлбиппит.
Төрөппүттэрбит, аймахтарбыт, дойдубут дьоно күүс-көмө буолан, бэрт түргэнник оннубутун – олохпутун булан, ИЖС программаҕа киирсэн, 2018 с. дьиэ туттан, аал уоппутун оттунан, эйэ-дэмнээхтик олоробут.
– Тыа ыалын олоҕун-дьаһаҕын туһунан кэпсиэххит дуо? Кэтэх хаһаайыстыбалааххыт дуо?
– Биһиги көһөн кэлбиппитигэр аҕам бииргэ төрөөбүт быраата биир үтүө күн икки тыһы борооскуну сиэтэн аҕалбыта, кэтэх хаһаайыстыбата тэринин диэн. Төрөппүттэрим эмиэ ханыылаһан ынах анаабыттара. Дьэ ол кэмтэн ыла элбээн билигин 16 төбөлөөхпүт, онтон 6-та ыанар ынах. Бэйэбит эппит, үрүҥ аспыт баара олус үчүгэй. Сайынын үүт туттаран хаччылаһабыт. Ону таһынан куурусса, сибиинньэ иитэбит. Сайынын оҕуруот аһын өлгөмнүк үүннэрэбит, эһиил көрүҥүн өссө хаҥатар былааннаахпыт.
– Тыа сиригэр олорор үчүгэйин туохха көрөҕүтүй?
Дэриэбинэ нус-хас олохтоох. Куоракка курдук олоҕун үлэҕэр эрэ ааспат. Кэргэҥҥэр, оҕолоргор, бэйэн сөбүлүүр дьарыккар бириэмэ тиийэр.
Харчыны сөпкө туттар буоллаххына уурунуоххун да сөп, тыа сиригэр элбэх харчы бараммат. Салгына ырааһа, чуумпута. Оҕо тэлэһийэ сүүрэригэр, эт-хаан өттүнэн сайдарыгар дэриэбинэ олус үчүгэй.
– Тыа сиригэр туох кыһалҕа баарый? Сотовай сибээс, саҥа оскуола, сквер, спортсаала, суол-иис…
Биһиги нэһилиэкпит атын дэриэбинэлэргэ холоотоххо, сайдыылаах. Икки этээстээх таас оскуола, газ, вай-фай, суотабай сибээс, кинотеатр – барыта киирэн турар. Саҥа таас уопсай дьиэ тутуллара былааҥҥа баар. Ол эрэн, бу билиҥҥи туругунан айан суола алдьанан сырыы суох. Ону таһынан саамай улахан кыһалҕабыт бырааспыт суоҕа. Бырааһа суох олорбуппут хаһыс да сыла. Эдэр ыччат олохсуйуута мөлтөх. Оскуола, уһуйаан оҕотун ахсаана сылтан сыл кыччаан иһэр.
– Тыа ыала оҕону иитэргэ туохха болҕомто уураҕытый?
– Биһиги дьиэ кэргэн оҕолорбутун үлэнэн иитиигэ сүрүн болҕомтобутун уурабыт. Күһэйии өттүнэн буолбакка, бэйэлэрэ баҕаран туран үлэлиир, көмөлөһөр буолалларын ситиһиэхтээхпит диэн сыал туруоруммуппут. Ол иһин кыра эрдэхтэриттэн батыһыннара сылдьан үлэҕэ уһуйабыт.
Билигин хас сайын аайы улаханныын-кыралыын алааспытыгар көһөн тахсан оттуубут.
Дьиэ ис-тас үлэтин да бары кыайа тутабыт.
– Алена Михайловна, «эдэр ыччат тыа сиригэр кэлэн олохсуйун» диэн пропагандалаан эрэ, аҕыйах тылынан, кылгастык?
– Уопсайынан тыа сиригэр олохсуйуу өбүгэлэрбитигэр, омукпут үгэстэригэр чугас буолуу диэн мин тус бэйэм санаабар. Тыа сиригэр олорор оҕо айылҕалыын чугас, ситимэ быстыбат, кыра эрдэҕиттэн сиэр-туом, иччи диэҥҥэ итэҕэйэ улаатар.
Дэриэбинэҕэ да сайдыы баар, олох баар!
Лилия МАРКОВА, VIII кылаас,
А.П. Илларионов аатынан Хайахсыт орто оскуолата, Чурапчы