Муус устарга Дьэргэлгэн Сүүрүк Уол тапталы, кэрэни күөдьүтэр. Кини сааскы иччи. Бу иччини көрсөргө маннык алгыыбыт.
-1-
Дьээ-буо!
Алака-чалака!
Төрүүр-ууһуур олох айыыта
Айыыһыт ийэ хотун
Үрүҥ тыына
Үрүҥ былыт буола
Бэттэх буол.
Үрүҥ сылгы
Үүт маҥан кылынан
Күндүлээн эрэбин
Дьаралык, дьаралык, дьаралык.
-2-
Дьээ !
Алам-чалам !
Тоҕус саһаан үрдүүр,
Биир саһаан намтыыр,
Аҕыс маһы аннынан
Атыллыыр,
Үс маһы үрдүнэн
Ойор
Чамаан кылыыһыт бэрдэ,
Кыната суох көтөр,
Күлүгэ көстүбэт
Үҥкүүһүт үтүөтэ,
Эргэл-дьэргэл эккириир
Элик эристиинэ,
Дьэргэлгэн Сүүрүк уол
Бэттэх буол,
Мичик аллай,
Истэ сэргэҕэлээ,
Арыылаах саламаатынан
Айах тутан эрэбин.
Ытык тылбын ыл,
Сүҥкэ тылбын көтөх.
Дуом айхал.
-3-
Көхсүттэн көнтөстөөх
Күн өркөн ууһа,
Арҕаһыттан тэһииннээх
Айыы хаан аймаҕа
Арыаллаһар аналлаах
Айыы санааны арыйан,
Ааттаан-тускулаан
Маннык диэн
Аманыйан эрэбит.
-4-
Томоонноох ньуурбун
Тобулу көрөн
Холуон тыллаах
Хоһохтуу санаабатын,
Хойохтуу хоппотун.
Килбиэннээх сирэйбин
Кэтии көрөн
Кэрэгэй тыллаах
Кэп-киэли быспатын,
Кири-дьайы кэнийбэтин.
Дом.
Алгыс кэнниттэн маннык оонньууну тэрийиэххэ сөп. Күн тыгар кэмигэр сиэркилэҕэ сырдыгы түһэрэн дьэргэлгэни оонньотобут. Дьэргэлгэни дьиэҕэ-уокка, окко-маска түһэрэр үчүгэй. Ити аата тулабытыгар кэрэни, тапталы иҥэрэбит.
Бу оонньуу муус устар кэмигэр хаһан баҕарар ыытыллар. Ууттан, чалбахтан тэйэр дьэргэлгэни кэтээн көрөр олус астык.