Бүгүҥҥү сайыҥҥы саймаар сарсыарда «Дорҕоон» түһүлгэҕэ Саха АССР норуодунай уонна үтүөлээх артыыһа Христофор Максимов төрөөбүтэ 105 сылыгар аналлаах «Дэгэйэ дьиэрэй, дьиэрэһитэр дэгэрэҥ» ырыаны толорооччулар күрэхтэрэ саҕаланна. Билиҥҥи туругунан 50 киһи суруйтарда, кыттааччы элбии турар. Дьүүллүүр сүбэ 18-35, 36-65 саастарга арааран сыаналыа.
«Күн көмүс кытыла» түһүлгэҕэ тойук күрэҕэ буолар турар. 40 -тан тахса кыттааччы бэйэтин көрдөрөөрү турар. Дьүүллүүр сүбэ саҕалааччы, идэтийбит уонна бөлөҕүнэн толорооччуларга арааран сыаналыыллар.
Эбээн Бытантайтан төрүттээх, 32 саастаах Акулина Лягусина түөлбэ тойугун толоро бэлэмнэнэр: «Улахан долгуйуу суох. Ааттаах-суоллаах тойуксуттары көрөр — улахан үөрүү. Элбэххэ үөрэнэбит.»
«Хомус» түһүлгэттэн үчүгэйкээн тыас иһиллэр. Бу «Дьүрүһүйэ кутуллар дорҕооннору дьүөрэлээн оонньуур сахам хомуһа» хомуска оонньооччулар күрэххэ 8 киһи суруйтарда. Манна барыта улахан дьон. Өссө да кэлиэхтэрэ диэн эрэнэбит.
Муусука араас тэриллэрин туһанан доҕуһуоллаталлар: гитара
Маннык күрэхтэр оҕо, эдэр ыччат саха ырыатын-тойугун иңэринэн илдьэ сылдьарыгар тирэх буолар. Куонкурустар түмүктэрэ бүгүн биллэллэр.
Эльдар САДОВНИКОВ, Кристина ИВАНОВА