Корюн Давтян — Давид Сасунский диэн Армения улахан эпоһын билиһиннэрдэ, быһа тардан ыллаан иһитиннэрдэ. Чөллөркөй, доллоһутар улахан куолаһынан сөхтөрдө.
– Сасун диэн куорат аата, ол эрээри, Арменияны бүтүннүү көрдөрөр. Давид Сасунскай – эпос үһүс хайысхатын сүрүн геройа. Атын да геройдар эпоска элбэхтэр. Олор бары дьикти аты мэҥэстэллэр, ол аттар сабыдыалларынан өстөөхтөрдүүн киирсиигэ кыайыыны ситиһэллэр.
Давид Сасунскайга аналлаах улахан пааматынньык Ереваҥҥа баар, ону тиийдэххитинэ көрөөрүҥ эрэ, чахчы сөхтөрүө. Армян норуотун майгытын, ис тыынын эпоспыт, ити пааматынньык көрдөрөллөр. Пааматынньык ааптара биллиилээх скульптор Ерванд Кочар. Эпоска олоҕуран, билигин комикс, мультфильм оҥорон тарҕатабыт. Саха сирин ыалдьытымсах дьонун, фестиваль тэриллиитин олус астынным.
Үөһээ Бүлүүгэ Олоҥхо Ыһыаҕар ыалдьыттаан, эһиги эпоскытын – Олоҥхону билистим. Онно омсолоох дьоруой куолаһын чыҥха уларытан ыллыырын бэлиэтээтим. Биһиги эпоспытыгар эмиэ оннук ээ. Оскуолаҕа оҕолор армян литературатын үөрэтэллэригэр, Давид Сасунскайы, эпос атын үс хайысхатын эмиэ хайаан да ааҕаллар. 12-13 сааспыттан ыллыыбын. Хос эһэм урут эпоһыайааччы, толорооччу эбит. Идэбинэн кибернетикпын, иккис үөрэҕим үп-харчы аналитига, – диир ыалдьыппыт.
Жанна Леонтьева