Атырдьах ыйын 9 күнүгэр «РФ сенатора Егор Афанасьевич Борисовы кытта биир күн» пресс-тур бырагыраамматын иккис түһүмэҕинэн, суруналыыстар Егор Борисов үөрэммит оскуолатыгар сылдьыбыттара.
Оскуола администрацията уонна оҕолор үһүс бэрэсидьиэн, бастакы Ил Дархан Егор Борисовы уонна прессаны эйэҕэстик көрсүбүттэрэ. Оскуола үөрэнээччилэрэ Горохова Виолетта, Соколикова Настя, Сивцева Кэскилээнэ бастакы Егор Борисов олоҕун суолун туһунан дакылаат аахпыттара.
Егор Борисов суруналыыстарга оскуолаҕа ааспыт оҕо сааһын туһунан кэпсээбиитэ. Кылааһыгар саамай мэник, биир сиргэ сатаан олорбот оҕоннон биллэрэ. Бэйэтэ билинэринэн учууталлартан мөҕүллэрин сөбүлүүрэ. Ол эрээри үчүгэйдик үөрэнэр этэ.
Егор Борисов кэпсээнигэр сүрүн бириэмэни кылааһын салаайыччытыгар уурбута. Кылааһын салайааччыта Саха норуодунай суруйааччыта, биллиилээх прозаик, педагогическай наука кандидата Василий Семенович Яковлев — Далан этэ. Егор Борисов этэринэн, Далан киниэхэ, аҕатын кытта тэҥҥэ, киһи быһыытынан улаатарыгар улахан оруолу оонньообута.
Далан үөрэтэр оҕолорун бэйэтин өйүнэн толкуйдуур, личность гына иитэ сатыыра. Ол кэмҥэ оскуола үөрэнээччилэрин барыларын улаатан баран тыа хаһаайыстыбаҕа үлэлээҥ диэн үөрэтэр этилэр. Далан онтон бэйэтэ туспа атын санаалааҕа. Кини оҕолору киирэр үөрэххитин бэйэҕит ис баҕаҕытынан талыҥ диэн сүбэлиирэ. Далан үөрэҕэ оҕолорго улахан сабыдыалы оҥорбута: Егор Борисов кылааһын оҕолоро улаатан баран юрист, геолог, горняк, культура үлэһиттэрин идэлэрин баһылаабыттара. Кылаас оҕолоро түмсүүлээх буолалларыгар улахан үлэни оҥорбута. Егор Борисов саныырынан, Долон оҕолорго бэйэтин матаһыыкылын уларсан, хатааһылаан кэлиҥ диирэ. Кылааһын оҕолоро билиҥҥигэ диэри ситимнэрин быспакка сыл аайы көрсөллөр.
Василий Яковлев – Далан «Дьикти саас» диэн сэһэнигэр дьоруойдарын айарыгар Чурапчы оскуолатыгар үөрэппит оҕолорун уобарастарын туттубута. Дьоруойдар истэригэр Егор Борисов уобараһа биллэ көстөр.
Егор Борисов бүтэрбит оскуолатын куруутун саныы сылдьар, Чурапчыга кэллин аайы ыалдьыттыы кэлэр, учууталлары, үөрэнээччилэри кытта көрсөр.
Николай АНДРЕЕВ