СР «Саха бэчээт» государственнай автономнай тэрилтэ уонна «Далбар Хотун» сурунаал редакцията атырдьах ыйын 15 күнүттэн Интернет ситимин нөҥүө «Далбар Хотун» өрөспүүбүлүкэтээҕи бастакы күрэһи биллэрбитэ.
«Далбар Хотун» сурунаал тэриллибитэ 25 сыллаах үбүлүөйүн чэрчитинэн, аныгы тэтимнээх кэм ирдэбилинэн тэриллэр интерактивнай күрэскэ өрөспүүбүлүкэбит араас улуустарыттан 7 кыттааччы түмүктүүр түһүмэххэ тахсан, «Далбар Хотун» аатын ылар иһин күрэстэһэллэр.
Кинилэр кимнээҕий? Нам улууһун Хамаҕаттатыттан Аманатова Мария Николаевна, Эдьигээнтэн Винокурова Тамара Васильевна, Чурапчы улууһун Уһун Күөлүттэн Ноговицына Боя Семеновна, Таатта улууһун Ытык Күөлүттэн Павлова Галина Лукинична, Мэҥэ-Хаҥалас Хорообутуттан Семенова Татьяна Коммунаровна, Горнай Бэрдьигэстээҕиттэн Осипова Полина Прокопьевна, Үөһээ Бүлүүттэн Павлова Дария Николаевна. Бука бары тыа сиригэр олорон, уйгуну-быйаҥы уһансар, саха ыалын дьолун түстүүр дьоһун мааны ийэлэр.
Бүгүҥҥү туругунан Дария Николаевна Павлова (Үөһээ Бүлүү улууһун Үөһээ Бүлүү сэлиэнньэтэ) 3843 куоластаах инники күөҥҥэ иһэр. Кинини 3749 куоластаах Мария Николаевна Аманатова (Нам улууһа, Хамаҕатта сэлиэнньэтэ) тилэх баттаһа иһэр. Үc инники иһээччилэр кэккэлэрин 3187 куолаһы ылбыт Боя Семеновна Ноговицына (Чурапчы, Уһун Күөл) ситэрэр.
Куолас ахсаана чаас аайы уларыйар, кыттааччылары өйүүр дьон куоластара элбиир. Күрэс атырдьах ыйын 25 күнүгэр, киэһэ 21 чааска түмүктэнэр.
Бу нэдиэлэҕэ кыайыылаах Далбар Хотун ким буоларын биэтэккэ тахсыы быһаарыаҕа. Sakha-pechat.ru сайтка киирэн, куоластааһыҥҥа көхтөөхтүк кыттарга ыҥырабыт.
Ааптар: «Далбар Хотун» сурунаал редакцията