Мэҥэ Хаҥалас улууһугар – Манчаары дойдутугар – спорт мэлдьи өрө тутуллар. Оскуолаҕа үөрэнэр кэмтэн саҕалаан, киһи чөл олоххо тардыһарга үөрэнэр.
Мин Майа И.Г. Тимофеев аатынан лицейин VIII кылааһыгар үөрэнэбин. Бэһис кылаастан ыла Оҕо спортивнай улуустааҕы оскуолатыгар дьарыктанабын. Сөбүлүүр көрүҥүм – чэпчэки атлетика. Тренерим – Павлов Дмитрий Петрович. Сыл устата улуус, илин эҥэр, республика таһымнаах элбэх күрэхтэһиилэргэ кыттабыт. Уһун дистанцияҕа сүүрэрбин ордоробун. 1000, 1500, 3000 м сүүрүүгэ сыллата бириистээх миэстэлэргэ тиксэммин, үөрүү өрөгөйүн билэбин. Ордук улахан ситиһиилэрбинэн 2017 сыллаахха сүүрүүнү таптааччыларга анаан ыытыллыбыт республикатааҕы “Сулус спорт” аһаҕас чемпионакка бастакы уонна тренер-преподаватель И.И. Иванов кэриэһигэр ыытыллыбыт “Сааскы туллуктар” диэн республикатааҕы күрэхтэһиигэ үһүс миэстэ буолбуппун ааҕабын.
Спорт киһи эт-хаан өттүнэн сайдыылаах, бэйэтин доруобуйатын көрүнэр, бириэмэни сатаан аттарынар буоларга үөрэтэр. Спорка миигин бастакы уһуйааччым, сүбэһитим аҕам Гаврил Петрович буолар. Кини лицейгэ физкультура учууталынан үлэлиир.
Майа лицейэ спорка өрүү инники күөҥҥэ сылдьар. Сыл аайы улууска ыытыллар комплекснай спартакиадаҕа лицей хамаандата бириистээх миэстэҕэ тиксэр. Анал киэҥ-куоҥ спортзал суох да буоллар, Манчаары аатынан чэбдигирдэр кииҥҥэ, манежка элбэх дьарыктар буолаллар. Лицей үөрэнээччилэрин истэригэр спорт маастарыгар 2 кандидат, 3 иккис спортивнай, 14 бастакы, 6 иккис юношескай разрядтаах оҕолор бааллар. Лицейгэ кулуубунан үлэ уруккуттан үрдүк таһымнаахтык ыытыллар.
“Дабаан” диэн оскуолатааҕы спортивнай кулууп үлэтин сүрүн сыалынан-соругунан үөрэнээччилэр физкультуранан уонна спордунан утумнаахтык дьарыктаналларын ситиһии, бу эйгэҕэ дьоҕурдаах оҕолору булуу уонна чөл олох культуратыгар уһуйуу буолар. Кулууп бэйэтэ эмблемалаах уонна «Күүстээхтэр, түргэннэр, сымсалар – “Дабааннар” биһиги буолабыт» диэн ситиһиилэргэ сирдиир девизтээх. “Спортивнай көлүөнэ” диэн бырайыагынан үлэлиир.
Республикатааҕы кэтэхтэн көрүү күрэҕэр кулууп бастакы миэстэни ылан, алтынньы 8-12 күннэригэр 3 салайааччы уонна 20 үөрэнээччи састааптаах хамаанда Челябинскэй куоракка оскуола спортивнай кулууптарын Бүтүн Россиятааҕы күрэҕэр республика чиэһин көмүскээтибит.
Күрэххэ Москваттан, Санкт-Петербуртан, Мордовияттан, Чувашияттан, Татарстантан, Ленинградскай, Ярославскай, Московскай, Кемеровскай, Челябинскэй, Архангельскай, Оренбургскай уобаластартан күүстээх хамаандалар кэлэн кытыннылар. Челябинскэй куорат, спортивнай күрэхтэһиилэри ыытарга уруккуттан опыттааҕын быһыытынан, кэлбит хамаандалары ытыс үөһэ түһэрэн, күрэҕи таһынан сынньалаҥы үрдүк таһымнаахтык тэрийдилэр.
Бадминтон (пара-микс), баскетбол 3х3, тэг-регби 5х5, 4х100 м. уолаттарга эстафета, 4х100 м кыргыттарга эстафета уонна 400 м – 300 м – 200 м – 100 м булкаһыктаах эстафета – спорт бу көрүҥнэригэр илин-кэлин түһүстүбүт. Тыҥааһыннаах күрэхтэһиигэ 4 күн устата дойду чулуу оҕолорун кытта кииристибит. Ханнык баҕарар күрэхтэһии киһи бэйэтин кыана туттарын, кыайыыга дьулуурдаах буоларын ирдиир. Хамаанда туһугар бары биир киһи курдук хомуллан, кыах баарынан кытынныбыт. Түмүккэ “Спортивнай баттллар” уонна “Видеоролик” күрэҕэр бастакы миэстэни ыламмыт, үөрүү-көтүү бөҕө буоллубут. Бу күрэхтэһии быыһыгар сынньалаҥ кэмигэр араас норуоттар үгэстэрин кытары билистибит. Бэйэбит нуучча сиригэр сахалыы ырыаны дьиэрэтэ ыллаатыбыт, оһуокайдаан ыллыбыт.
Челябинскайгэ барарбытыгар Екатеринбург куоракка Россия бастакы Президенэ Б.Н. Ельциҥҥэ аналлаах музейга сырыттыбыт. Бу 8 саалалаах киэҥ уораҕайга Россия историятыттан саҕалаан, Б.Н. Ельцин бүтүн олоҕун көрдөрөр матырыйааллары сөҕө-махтайа көрдүбүт. Күрэхтэһии кэнниттэн Дьокуускайга төннөрбүтүгэр дойду тэбэр сүрэҕэр – Москваҕа – сылдьан, Кремли уонна ВДНХ–ны көрдүбүт. Оҕо сааспыт чаҕылхай түгэнин бэлэхтээбит салайааччыларбыт Светлана Семеновнаҕа, Гаврил Петровичка, Павел Отчутовичка улахан махталбытын тиэрдэбит.
Вика Хабарова,
Майа лицейин VIII кылааһын үөрэнээччитэ.