Мин Дьокуускайдааҕы национальнай гимназия Сэргэлээххэ баар лаборатория-оскуолатын VII «г» кылааһыгар үөрэнэбин. Бастакы чиэппэр саамай умнуллубат түгэнэ — 11 үөрэнээччи, икки учуутал уонна икки төрөппүт буолан «По следам государевых ямщиков» диэн кыраайы үөрэтэр экспедицияҕа баран кэлбиппит буолар. Маршруппут маннык этэ: Дьокуускай – Улахан Аан – Еланка – Тиит Арыы – Тумул – Батамаайы – Сиинэ – Үөдэй – Дьокуускай. Экспедициябыт салайааччылара Юрий Васильевич Шадрин (история учуутала) уонна кылаас салайааччыта Филиппов Николай Николаевич.
Бу экспедиция сыала-соруга: Улахан Аан, Тиит Арыы, Тумул, Сиинэ, Үөдэй оскуолаларын кытта билсиһии, сибээс олохтооһуна уонна Саха Сиригэр почта үлэтэ хайдах саҕаламмытын үөрэтии, ону сэһэргиир музейдарга сылдьыы, почта станцияларын кэрийии.
Урукку станциялар бэйэ-бэйэлэриттэн 18-25 биэрэстэ тэйиччи тураллар эбит. Оччолорго почтаны, табаары сыарҕалаах атынан таһаллара. Хас биирдии станцияҕа ат турар хаһаата баар буолара. Сайыҥҥы суоллара Өлүөнэ өрүс кытылын устун тыргыллар, оттон кыһынын өрүһүнэн быһалыы сылдьаллар эбит. Билигин да Тиит Арыы нэһилиэгиттэн Өлүөхүмэ диэки урукку суолунан сылдьаллар.
Сиинэ очуостарын, тааска уруһуйдаммыт былыргы ойуулары, Үөдэйгэ былыр үйэҕэ таастыйбыт «археоциаты» уонна «трилобиты» диэн муора харамайдарын көрдүбүт. Олохтоохтор кэпсииллэринэн, бу очуостарга былыргы уруһуйдар элбэхтэр үһү. Манна сири хаспакка даҕаны былыргы туттар тэриллэри, иһити-хомуоһы булуохха сөп.
Мин бу экспедицияҕа сылдьан, Сахабыт Сирин кэрэ-бэлиэ миэстэлэрин, айылҕатын көрдүм, аатырдар Өлүөнэ очуостара ханна баарын биллим.
Бу биһиги бастакы экспедициябыт буолар. Мантан ыла сири-дойдуну үөрэтэ, Сахабыт Сирин чинчийэ айанныахпыт турдаҕа.
Владимир Егоров, VII «г» кылаас,
Национальнай гимназия лаборатория-оскуолата.
Дьокуускай.