Снежана Бурцева куруолуктары иитэр. Ханна буолуо дии саныыгыт? Хоту Дьааҥы улууһун бөһүөлэгэр, Сайдыыга!
Кыра эрдэхпиттэн дьиэ кыылларын таптыыбын. Ол иһин куруолуктары иитэргэ санаммытым. Биир ыйдаах уол уонна кыыс куруолуктары ылбыппыт. Кырачаан кыылларбын көрөрбөр эдьиийим Света көмөлөһөр.
Куруолуктарбын Снежок уонна Пушок диэн ааттаабытым. Бороҥо Пушок диэн, маҥана — Снежок. Аан бастаан ыларбар быычыкаан этилэр, онон көтөҕө сылдьарым . Билигин номнуо үһүс ыйдарыгар баран, улааттылар.
Аҕам куруолуктарбар уйа оҥорон биэрбитэ. Билигин таһырдьа тураллар, халлаан тымныйдаҕына, хотоҥҥо киллэриэхпит. Харабылым — Уранник диэн ыппыт.
Аһылыктара диэн — комбикорм, күөх уонна хаппыт от. Айылҕаҕа таҕыстахпына, күөх сэбирдэхтэри хомуйан биэрэбин, оччоҕо наһаа минньигэстик сиэн кэбиһэллэр. Күҥҥэ үстэ аһыыллар: сарсыарда, күнүс, киэһэ.
Куруолуктарым улааттахтарына, оҕолонон, элбиэхтэрин баҕарабын.