От ыйын куйаас күннэрэ. Үөһээ-Дьааҥы Боруулаах орто оскуолатын лааҕыра. «Дьааҥы эдэр чинчийээччилэрэ» диэн аатынан биллэр.
Билим дьоҕус академиятын, Ил Түмэн наукаҕа кэмитиэтин , М.К. Аммосов аатынан университет (ХИФУ) өйөбүллэринэн Дьааҥы улууһугар бэртээхэй сайыҥҥы оскуола үлэлээтэ.
Аҕыс нэһилиэктэн науканы сэргиир үс хайысханан (медицина, естественнэй уонна гуманитарнай наукалар) 38 оҕо үөрэннэ. Сыала – чинчийэр үлэнэн оҕо өйүн-санаатын сайыннарыы, билиитин хаҥатыы.
ХИФУ эдэр учуонайдара Н.В.Малышева салайааччылаах үөрэтэн бардылар. Ити туһунан Айсен Алексеев маннык диэтэ:
— V кылаастан ыла «Инникигэ хардыы» научно-практическай конференцияҕа кыттабын. Медицинаҕа үгүс саҥаны биллим. Инникитин хирург идэтин баһылыахпын баҕарабын. Икки нэдиэлэ устата дьарыктан үөрэбин. Түмүккэ научнай-практическай кэмпириэнсийэ ыытылынна. Эдэр чинчийээччилэр билиилэрин-көрүүлэрин дириҥэттилэр. Айар, толкуйдуур дьоҕурдара эбии сайынна.
Билим оскуолатын пресс-киинэ