Балаҕан ыйын маҥнайгы күнүгэр, хомойуох иһин, линиэйкэбит буолбата. Балаҕан ыйын саҕаланыыта быраактыкаҕа сырыттыбыт. Ол аата, оскуола оҕолоро төрөппүттэрин кытта отонноотулар, сугуннаатылар.
Үөрэхпит дистанционнай ньымаҕа 15 чыыһылаҕа диэри көһөрүлүннэ. Учууталлар оҕолорго дьиэтээҕи үлэ биэрэллэр, ону биһиги оҥорон баран хаартыскаҕа түһэрэн, учуутал ватсабыгар ыытабыт. 16 чыыһылаттан оскуолабытыгар баран, дьэ, үөрэниэхтээхпит.
Быраактыкаҕа оҕолор төрөппүттэрбитин кытта күһүҥҥү ойуурга баран отонноотубут.
Айылҕа барахсан киэркэйэн, үчүгэйэ сүрдээх. «Күһүҥҥү киһи күлбүтүнэн» диэбит курдук, быйыл сугун, отон үүнүүтэ үчүгэй. Онон бары үөрэ-көтө отонноотубут. Аны хаһан оскуолабытыгар тиийэн үөрэнэрбитин наһаа күүтэбит.
Ааптар: Снежана Бурцева, 7 кылаас үөрэнээччитэ. Эҥэ, Дьааҥы