Биһиги Дьааҥыбыт олонхоһуттарынан баай. Олортон саамай биллибиттэрэ Даарыйа Андреевна Томская-Чаайка. Кини мантан тэйиччи сытар Оһохтоох диэн сиргэ төрөөбүтэ. Олоҥхоһуттаах буоламмыт, олоҥхо араас тэрээһиннэрэ уруккуттан да буолара.
Быйыл Олоҥхо декадатыгар олоҥхо геройдарын уобарастарынан муода күрэҕэ, кыра кыргыттарга сахалыы таҥаһы көрдөрүү түһүмэхтэрэ буолла.
Уруһуй күрэҕэр эмиэ көхтөөхтүк кытыннылар. Манна Арсен Бегишев, Кеша Потапов бастаатылар.
Кыргыттарга анаан «Олоҥхо кыыһа» күрэх ыытылынна. Онно Снежана Бурцева (10 кылаас) «Олоҥхо кыыһа» аатын ылла. Снежана олус үчүгэйдик олоҥхолуур, тойуктуур. Илиитинэн эмиэ ону-маны олус кэрэхсэбиллээхтик айан таһаарар.
Ити курдук, олоҥхолуун алтыһабыт. Бүгүн өссө олоҥхо аахтыбыт. Онон олох солото суох сылдьабыт:)
Нарыйа Бурцева, 10 кылаас үөрэнээччитэ, Эҥэ, «Саһарҕа» пост эдкора.