Бүгүн муус устар 27 күнүгэр Уус-Алдан Дүпсүнүгэр Саха сирин автономиятын бырааһынньыга буолан ааста.
Дүпсүн олохтоохторо бары улахан парадка тахсан хаамтыбыт. Парады аттаах дьон Сахабыт сирин былааҕын күөрэччи тутан, дьону батыһыннаран илтилэр. Онтон кинилэр кэннилэриттэн сахалыы мааны таҥастаах Дүпсүн, Бээди нэһилиэгин олохтоохторо батыстылар.
Парадтаары турдахпытына халлааҥҥа 4 туруйа көтөн ааспыттара, ону көрөн биһиги олус үөрдүбүт. Парадынан хааман Дүпсүн сирин ытык дьонун аллеяларыгар тиийэн баһылыктар тыл эттилэр, бастыҥ үлэлээх дьоҥҥо наҕараада туттардылар. Нэһилиэк ытык кырдьаҕаһа, уруккута социалистическай куотулаһыы кыайыылааҕа Татьяна Константиновна Сивцева барыбытын өрөспүүбүлүкэ автономиятын күнүнэн эҕэрдэлээтэ, биһиэхэ үлэбит-үөрэхпит ситиһиилээх буоларыгар баҕарда уонна ол үлэбитинэн өрөспүүбүлүкэ сайдыытыгар бэйэбит сэмэй кылааппытын киллэрэрбитигэр ыҥырда.
Паамытынньыктар иннилэригэр венок уурдубут уонна Сахабыт сирин гимнын толордубут. Ол кэннэ бары 100 сыыппара буолан туран хаартыскага түстүбүт. Тэрээһин оһуохайынан түмүктэннэ.
Халлааҥҥа квадрокоптердары көтүтэн бу бэлиэ түгэни видеоҕа уһулбуттара. Бу күммүт биһиэхэ үөрүүнү-көтүүнү аҕалан ааста. Биһиги төрөөбүт дойдубутунан уонна саха буоларбытыттан киэн туттабыт! Сахабыт сирэ чэчирии сайда турарын туһугар бары биир санаанан сомоҕо буолуоҕуҥ!
И. Н. Жирков аатынан Дүпсүн орто оскуолатын 9 кылааһын үөрэнээччитэ Алёна Дорофеева