Муус аннынан балыктааһын — саха үгэһин биир ураты көрүҥэ. Айылҕалыын алтыһыы, күөгүлүүргэ табыгастаах сири булуу, муус алларыы — барыта сонун, интэриэһинэй. Сыл аайы муус устар ыйга кэрэ айылҕалаах Бүлүү эбэ чугаһыгар ыытыллар балыкка быйыл эмиэ, үгэс курдук, Үөһээ Бүлүү Дүллүкү орто оскуолатын уолаттара уонна эр дьон үлэһиттэрэ сырыттылар. «Эрчим» эдкорпостан Дайаана Фёдорова, Анна Тобохова биллэрэллэр.
Оҕолор сибиэһэй салгыҥҥа күөгүлээн, араас күрэхтэргэ кыттан, сүүрэн-көтөн, сааскы ылааҥы күнү көхтөөхтүк атаардылар. Эбиитин араас күрэххэ кытыннылар.
Сыал ытыытыгар ордук бэргэннэринэн Сергей Иванов, Гоша Докторов, Яша Сергеев буоллулар. Хомуур хапсаҕайга Кеша Бурнашев хамаандата кыайыылаах таҕыста, Сергей Иванов, Владимир Оконосов хамаандалара иккис, үһүс буоллулар.
Ханаат тардыһыытыгар эмиэ 1-кы хамаанда кыайыыны сурунна.
Ыраахха быраҕыыга 5-7-с кылаастарга Эдик Афанасьев, Арсентий Иванов, Игнат Иванов тэҥнээхтэрин булбатылар. 8-11-с кылаастарга – Никита Бугулов, Айсан Егоров, Яков Сергеев.
Тоҥуу хаарынан сүүрүү уустук көрүҥэр 5-7-с кылаастарга Эдик Афанасьев, Айхал Фокин, Данил Бочетов быһыйдарын көрдөрдүлэр. 8-11-с кылаастарга — Сергей Иванов, Яков Сергеев, Кеша Бурнашев.
Тэрээһин сүрүн күрэҕинэн муус аннынан балыктааһын буолла. Ойбон алларыытыттан саҕалаан, саамай элбэх баартаах балыксыкка тиийэ анал аат бэрилиннэ.
«Бастакы балыгы» Сарген Ксенофонтов (5 кылаас) хаптаран, үөрүүтэ үс бүк үрдээтэ. «Саамай кыра балык»- Никита Бугулов (9 кыл.), «Саамай улахан балык» — Айаал Петров (6 кыл.), «Саамай элбэх балыктаах» күөгүһүт — Андриан Егоров (6 кыл.), «Тулуурдаах балыксыт» — Айхал Фокин (6кыл.). «Бастыҥ буурдааччынан» 8-11 кылаастарга Яков Сергеев, 5-7 кылаастарга Эдик Афанасьев буоллулар.
Оҕолортон хайдах кыттыбыттарын, тэрээһин туһунан туох санаалаахтарын ыйыталастыбыт.
Айсан Егоров, 9-с кылаас:
— Күөгүлээһиҥҥэ ккис сылын сылдьабын. Мин санаабар, эр дьоҥҥо уонна уолаттарга бастыҥ булт көрүҥүнэн балыктааhын буолар. Бэйэм биирдэ эмэ аҕабыт кытта балыктыы барсааччыбын. Бүгүн үчүгэйдик кытынным.Туохха да ыарырҕаппатым, барыта үчүгэй. Оҕолор бары үөрүү-көтүү бөҕө! Сибиэhэй салгынынан дуоһуйа тыыныы — олус бэрт. Эһиил ыытыллар буоллаҕынна, өссө кыттан буоллаҕа!
Никита Бугулов, 9 кылаас:
-Кыhын биирдэ эмэ табаарыстарбын кытта балыкка сылдьааччыбыт. Бүгүн бэркэ кытынным. Тоҥуу хаарынан сүүрэр ыарахан соҕус эбит. Маннык күрэхтэр уол оҕону эр киhи буоларга иитэллэр.
Гоша Докторов, 11-с кылаас:
— Шашлыктаабыппыт олус үчүгэй! Өссө быйыл аһыырбытыгар остуол аҕалбыппыт табыгастаах буолла. Син үчүгэйдик кытынным. Айылҕаҕа тахсан сынньанар, оонньуур, күрэхтэһэр – астык!
Эдик Афанасьев, 7-с кылаас:
— Быйыл саҥа сылдьабын. Аҕабын кытта күһүҥҥү муҥхаҕа сылдьааччыбыт. Бүгүн күөгүлээбэтим, ол эрээри атын күрэхтэһиигэ барытыгар кытынным. Сыал ытыытыгар финалга киирэн баран, сыалбын таппатаҕым кыһыылаах.
Данил Бочётов, 7-с кылаас:
— Манна чуумпута олус бэрт, айылҕаҕа сылдьар наһаа үчүгэй. Доруобуйаҥ тупсар, күрэхтэһэн бэйэҥ күүскүн-уоххун сайыннараҕын. Күрэх улахан аҥаарыгар кыахпынан кытынным.
Айхал Фокин, 6-с кылаас:
— Сүүрүүгэ охтон хаалан, иккис миэстэ буоллум. «Тулуурдаах балыксыт» ааты ыллым. Убайым Николай Дмитриевичтиин балыкка сылдьааччыбын.
Айаал Петров, 6-с кылаас:
— Биһиги дьиэ кэргэнинэн балыктыыбыт. Иннибэр оҕо мэһэйдээн бүгүн кыайан сүүрбэтим, тохтоон хааллым. Маннык күрэххэ балыктааһын албастарыгар, уу дириҥин билэргэ, балык ханан ордук хабарын билэргэ үөрэнэҕин. Миигин аҕам эрдэ үөрэтэн, күөгүлүүргэ үөрүйэхпин.
Игнат Иванов, 7-с кылаас:
— Аҕабын кытта балыктааччыбыт. Бүгүн элбэх күрэх буолла. Күрэх күүстээх-уохтаах буоларга бэлэмниир. Эһиил хайаан да кэлиэм.
Бу курдук оҕолор дуоһуйа күрэхтэһэн, сынньанан, өрөбүл күнү туһалаахтыкк атааран, дьиэлэригэр элбэх сонуннаах тарҕастылар.
Кыайыылаахтарга бирииһи «Дүллүкү нэһилиэгэ» МТ дьаһалтата (Николаев Е.А.), улуус кииниттэн ИП «Профото» (Антонов А.И.), «Алекс» маҕаһыын (Александров А.А.), «Мааппа» маҕаһыын ( Еттянов Н. Н.). олохтоотулар.