«Кэскил» хаһыат саамай эрэллээх доҕотторунан эдэр кэрэспэдьиэннэрбит буолаллар. Уруккуттар үлэлиир эдкорпостарбыт саҥаттан саҥа оҕолору хабан, оҕолору хаһыакка, ааҕыыга, суруйууга сыһыараллара хайҕаллаах суол. Үөһээ Бүлүү Дүллүкү оскуолатын “Эрчим» поһун салайааччыта Антонина Ивановна Афанасьева быйыл саҥа эдкор буолбут 5 кылааһын оҕолорун суруктарын бэчээттиибит.
Биhиги эдкордар куруhуоктарыгар быйылгыттан дьарыктанабыт. Хаhыакка, ол аата элбэх киhиэхэ анаан, суруйарга үөрэнэбит. Сөбүлүүр дьарыкпыт туhунан суруйбуппутун оҕолор ааҕалларыгар анаан ыытабыт. Оҕолор, эhиги эмиэ сөбүлүүр дьарыккыт туhунан суруйан ыытыҥ.
МИН СӨБҮЛҮҮР ДЬАРЫГЫМ
Сөбүлүүр дьарыгым – спорт. Чэпчэки атлетиканы ордоробун. Дьарыктаммытым икки сыл буолла. Хотугу многоборьенан эмиэ кыратык дьарыктанабын. Спорт – киhи доруобуйатыгар туhалаах. Спордунан дьарыктанар киhи чэгиэн-чэбдик, күүстээх-уохтаах буолар. Өссө маҥнайгы кылаастан үҥкүү куруһуогар сылдьабын. Түөрт паара, 4 кыыс, 4 уол буолан, үҥкүүлүүбүт. Монгол уо.д.а.үҥкүүлэри толоробут. Аны тестопластиканан эмиэ дьарыгырабын. Былырыын «Сатабыл-2019» күрэххэ «Абсолютный победитель» үрдүк ааты сүкпүтүм. Уруhуйдуурбун эмиэ сөбүлүүбүн. Оскуола, улуус, республика уруhуй күрэхтэригэр көхтөөхтүк кыттабын. Элбэх дьарыктаах үчүгэй.
Алина Санникова.
Мин үөнү-көйүүрү чинчийэрбин сөбүлүүбүн. Биирдэ оттуу сылдьан, убайым үрэхтэн үөнү булан дьиэҕэ илдьэ кэлбит этэ. Ханнык үөнүн Интернеттэн билбиппит, «щитень» диэн эбит. «Щитень 75 атахтаах, хаптаҕай куйахтаах, кэлин атаҕынан тыынар»,- диэн суруллубут. Онтон аны ураты көрүҥнээх лыах үөнү булбуппут. Лыах туhунан энциклопедияҕа ааҕан уонна эмиэ Интернеккэ көрдөөн булбуппут. Аата «бражник, мертвая голова» диэн эбит. Өҥө хара, оруоhабай атахтардаах уонна кэннин диэки кыhыл өҥнөөх иннэ быга сылдьар.Иннэтэ сытыы буолбатах, сымнаҕас соҕус этэ. Ол лыахпыт «куукула” буолбута, тыыттахха хамсыыр этэ. Аҕыйах нэдиэлэ буолан баран өлөн хаалбыта. Онтон щитени тоҥорбутум. 90 хонук устата олорор. Ол аата сайын устата олорон, сымыыттан баран өлөр. Саамай улааппыта, 12 см. буолар эбит. Онтон биhиэнэ 8 см этэ. Щитень сымыыта олус тулуурдаах, тымныыны уонна итиини тулуйар. Үөһээ Бүлүүгэ 2 сыл анараа өттүгэр үөскээбэт этэ. Билигин даҕаны щитеннэри көрдүүбүн. Сайын устата үөн-көйүүр үөрэтэбин, барытын билэ сатыыбын. Бу үөннэр тустарынан дакылаат оҥорон, кэмпириэнсийэҕэ кыттан, бастакы миэстэ буолбутум.
Юлиана Степанова.
Мин кинигэ ааҕарбын, уруhуйдуурбун, араас оҥоһугу оҥорорбун уонна ырыа истэрбин сөбүлүүбүн. Нууччалыы кинигэни ааҕабын уонна аниме мультиктары көрөбүн. Холобур, «Клинок рассекающий демонов», «Ангел кровопролития», «Мой сосед Тоторо», «Ходячий замок», «Рыбка Поньо», «Унесенные призраками» уонна да атыттары көрбүтүм. Мантан сорох анимелары Хаяо Миядзаки диэн режиссер устубута. «Клинок рассекающий демонов» диэҥҥэ саамай сөбүлүүр персонаhым – Незуко, Таджира балта, онтон «Ангел кровопролития» — Зак. Анимены уруккуттан көрөбүн. WhatsUpp бөлөхтөөхпүт, онно араас дойдуттан, Украинаттан, Россия араас муннугуттан бааллар, аниме туhунан кэпсэтэбит. Уруhуйдуурбар аниме, septie о.д.а стили тутуhабын. Бэйэм өйбүттэн айан эмиэ уруhуйдуубун. Сороҕор ырыа истэ-истэ, төлөпүөммэр эбэтэр кумааҕыга уруhуйдуубун.
Кристина Сивцева.
Мин бииргэ үөрэнэр оҕолорбун кытта үөрэх кэнниттэн оонньуурбун сөбүлүүбүн. Ийэбин кытта дьиэбин хомуйарбын сөбүлүүбүн. Музыканы олус сөбүлүүбүн. Тоҕо диэтэххэ, ырыаhыт, тойуксут буолуохпун баҕарабын. Yҥкүүлүүрбүн сөбүлүүбүн, тоҕо диэтэххэ, хамсаныы доруобуйаҕа туhалаах. Өссө күүс-уох биэрэрин иhин спорду сөбүлүүбүн. Уруhуйдуубун, анимены көрөбүн.
Люба Нургалина.
Мин табаарыстарбын кытта оонньуурум — саамай сөбүлүүр дьарыгым. Доҕотторбун кытта оонньуур наhаа үчүгэй, күлүү-үөрүү бөҕө буолабыт. Ол эрээри наар оонньоон эрэ тахсыбаппыт, арааhы кэпсэтэбит, сонуммутун, билбиппитин-көрбүппүтүн үллэстэбит.
Алеша Михайлов.
Сөбүлүүр дьарыгым – дакылаат ааҕыыта. Хоhоон ааhарбын эмиэ сөбүлүүбүн. Бу икки дьарыкпынан күрэхтэhиигэ кыттабын. Хоhоон ааҕан, дакылаакка кыттан, хаста да миэстэлэспитим. Хоhоон үөрэтэн ааҕар — өйгө тутар дьоҕуруҥ сайдарыгар туhалаах. Онтон дакылааты ааҕан, саҥара үөрэнэҕин, элбэх саҥаны билэҕин.
Эрхаан Васильев
Спорт — сөбүлүүр дьарыгым. Былырыын сайыҥҥыттан сүүрүүнэн дьарыктанабын. Сүүрүүлээх-көтүүлээх оонньуулары ордоробун. Дьиэбэр бэйэм дьарыктанабын.
Гульнара Тобохова.
Уруhуйдуурбун сөбүлүүбүн. Кыра эрдэхпинэ уруhуйдаан элбэх да тэтэрээти бүтэрэр этим. Араас куонкурустарга кыттабын. Өссө оонньуурбун, мэниктиирбин сөбүлүүбүн. Дьиэ хомуйарбын, муостаны харбыырбын, иhит сууйарбын сөбүлүүбүн.
Дайаана Иванова.