От ыйын 13-25 күннэригэр Дүллүкү орто оскуолатын алын кылааһын үөрэнээччилэригэр «Дулу» лааҕыр үлэтин ыытта. Оҕолор «Түөлбэм устун айан» диэн барымынан төрөөбүт дойдуларын устуоруйатын билэр сыаллаах – соруктаах лааҕырга дьарыктаннылар, сынньаннылар.
Алын кылаас учуутала Мария Иосифовна Софронова, лааҕыр иитээччитэ:
«Оҕолорго сезон арыллыытыгар сэрэхтээх буолуу инструктаһын ыыппыппыт.
Нэдиэлэ күннэрин былааннаан араас тэрээһиннэр буоллулар. Дүллүкү нэһилиэгэ төрүттэниитин туһунан үһүйээннэри, номохтору кэпсээбиппит. Ол кэннэ оҕолор номохтору уруһуйунан ойуулаан көрдөрбүттэрэ. Нэһилиэкпит символларын үөрэттибит.
Салгыы оҕолор дьиэтээҕи архыыптарын туһанан «Мин эһэм, аймаҕым– Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа» иһитиннэриилэри оҥордулар, «Албан аат» мэҥэ бэлиэтин, Дүллүкүттэн сэриигэ барбыттарга аналлаах «Мин мантан сэриигэ барбытым» обеликс таһын ыраастаатылар.
Арыылаах алааска бастакы оскуола аһыллыытын туһунан билиилэрин хаҥаттылар.
Бастакы учууталбыт Михайлов П.С. сахалартан биир бастакы танкист буоларын биллилэр.
Оскуолабыт киэн туттар выпускниктарын, кинилэр ситиһиилэрин туһунан кэпсэттибит. Оҕолор баҕа санааларын оскуолатын уруһуйга дьүһүйэн көрдөрдүлэр.
Түөлбэбит үүнээйилэрэ умнууга хаалбатылар. Хаартыскаҕа түһэрэн, чинчийэр үлэҕэ туһанарга бэлэмнэнии үлэтэ ыытылынна. Ол курдук «Түөлбэм үрэхтэрэ», «Экологическай бэлиэлэр»».
«Айылҕа оппуохата», «Тыа ыалын кэтэх хаһаайыстыбатын экологията», «Түөлбэм ытык кэрэ сирдэрэ – Чаайа, Саҥа Аппа» тиэмэлэринэн анал күннэр ыытылыннылар.
Маннык былаанынан оҕолору кытта күн аайы дьарыктанныбыт. Оҕолор икки хамаандаҕа арахсыбыттара, “Кустук” уонна “Күнчээн”. Хамаанда аайы 10 – нуу оҕонон араарбыппыт,- диэн кэпсээтэ.
Алена Донская, 4 кылаас:
Биһиги күн аайы тугу гыммыппытын альбомҥа уруһуйдуубут, суруйабыт. Альбоммутун оҕолор бэйэбит оҥоробут. Төрөөбүт дойдубут туһунан олус элбэҕи биллибит.
Зарина Иванова, 4 кыл.:
Итии аһылык үлэһитэ Саргы Дмитриевна күн аайы наһаа минньигэстик аһатар. Сарсыарда аайы рис, маннай хааһы, суорат сиибит. Күнүс минньигэс баҕайы борщ миин буһарар.
Оҕолору кытта кэпсэтэн лааҕырга дуоһуйа оонньоон, төрөөбүт түөлбэлэрин туһунан элбэх саҥаны билэн интэриэһинэйдик сынньаммыттар дии санаатым.
Сайын лааҕырга сылдьар умнуллубат түгэннэри, көрсүһүүлэри, саҥа билиини биэрэрин бу үтүө сайыҥҥы кэмҥэ лааҕырга сылдьыбыттар бары бэркэ билэбит, ахта саныыбыт.
Алина Санникова, 9 кылаас, Дүллүкү, Үөһээ Бүлүү, “Эрчим” корпост