Улуус оскуолаларын алын кылааһын үөрэнээччилэригэр, Дүллүкү орто оскуолатын тустууга тренерэ Илья Семенович Мордовской көҕүлээһининэн, көҥүл тустууга күрэхтэһии ыытылынна. Кэнтиктэн, Үөһээ Бүлүүтээҕи оҕо спортивнай оскуолатыттан, Хороттон, Хомустаахтан уонна Дүллүкүттэн — барыта 50 оҕо кытынна. Күрэхтэһиигэ аан бастакытын кыргыттар кытыннылар. Көҥүл тустуунан дьарыктанар кырачаан спортсменнарбыт олус интэриэһинэй тустууну көрдөрдүлэр.
Михаил Михайлович Егоров, Үөһээ Бүлүүтээҕи ДЮСШ тренерэ, күрэхтэһии кылаабынай судьуйата:
— Кыра оҕолору сүүмэрдиир, улууспут алын кылааһын үөрэнээччилэрэ хайдах туруктаах сылдьалларын бэрэбиэркэлиир, тургутан көрөр күрэхтэһии буола турар. Улууска кыра кылаас оҕолоругар көҥүл тустууга бастакы күрэхтэһии буолар. ДЮСШ филиалын тренерэ Илья Семенович тэрийэн ыытар. Ким үчүгэй бэлэмнээх, күүстээх, кыахтаах кыайара биллэр. 26 киилэттэн саҕалаан бастакы эргиир бүтэн эрэр. Ханнык да эчэйиитэ суох, үчүгэй күрэхтэһии буоларыгар баҕалаахпыт.
Платон Егорович Саввинов, Үөһээ Бүлүүгэ тустуу сүрүн тренерэ:
— Бу кыра саастаах оҕолорго Дүллүкүгэ бастакы күрэхтэһиибит буолла. 50 тустуук оҕо кэллэ. Бу курэхтэһииттэн саҕалаан, кынаттанан чемпионнар тахсыахтара диэн эрэнэбит. Кыайыылаахтар 2-с, 3-с эргиир кэннэ биллиэхтэрэ. Элбэх дьарыктаахтар, кыайыыга дьулуурдаахтар инники тахсыахтара.
Айгылаана Ксенофонтова, Дүллүкү, 3-с кылаас үөрэнээччитэ:
— Иккис сылбын тустуунан дьарыктанабын. Залга нэдиэлэ аайы кэлэн элбэхтэ дьарыктанабын. Бу бастакы күрэхтэһиим. Тустарбар туттар албастарым: күлүүс, мельница, атахха киирии, хатыйыы, Фадзаев албаһа, замок. Саамай сөбүлээн оҥорорум Фадзаев албаһа буолар. Бүгүн иккитэ хоттум. Тустар оҕолорго кыайыыны баҕарабын. Тустар буоллаххына куттаммат, бэйэҕин көмүскэнэр буолаҕын.
Макуха Владислав:
— Үөһээ Бүлүүтээҕи оҕо спортивнай оскуолатыгар дьарыктанабын. Тустарбын сөбүлүүбүн. Бүгүн күрэхтэһэр оҕолорго кыайыыны баҕарабын.
Күрэхтэһиибит түмүгэ:
Кыайыылаахтар:
26 кг
1м. — Попов Ян (Хоро)
2 м. — Иннокентьев Дьулус (ДЮСШ)
3 м. — Петров Клим (Кэнтик)
28 кг
1 — Сивцев Богдан (ДЮСШ)
2- Ксенофонтова, Айгылаана (Дүллүкү)
3 — Саввинов Тимур (Хоро)
30 кг
1 — Яковлев Виссарион (ДЮСШ)
2- Иванов Всеволод (Хоро)
3 — Павлов Антон (Кэнтик)
32 кг
1 — Степанов Стас (Хомустаах)
2 — Алексеев Тимуржин (ДЮСШ)
3- Ботаков Петя (Дүллүкү)
35 кг
1 — Степанов Самир (ДЮСШ)
2 — Петров Богдан (Кэнтик)
3 — Макуха Владислав (ДЮСШ)
38 кг
1 — Дмитриев Давид (ДЮСШ)
2 — Варламов Варлам (ДЮСШ)
3 — Томский Эльдар (Дүллүкү)
45 кг
1- Анисимов Артём (ДЮСШ)
2 -Чомчоев Дьулусхан (Хомустаах)
3 — Васильев Варлам (Дүллүкү)
48 кг
1 — Саввинов Платон (ДЮСШ)
2 — Васильев Эрэл (Дүллүкү)
3 — Чиряев Тимур (Хоро)
28 кг
1- Ксенофонтов Айтал (Дүллүкү)
2 — Алексеев Антон (ДЮСШ)
3 — Габышев Даниель (Кэнтик)
Кыргыттарга кыайыылаахтар:
23 кг.- Ксенофонтова Айгылаана (Дүллүкү)
28 кг.- Мандарова Анджелина (Дүллүкү)
Күрэхтэһиигэ кэлбит оҕолор бэйэ-бэйэлэрин билсэн, доҕордоһон, күүстэрин холоһон тарҕастылар.
Күрэхтэһиини көрдүлэр, кэпсэттилэр Саша Иванова, 6 кыл., Эрхаан Мандаров, 5 кыл. үөрэнээччилэрэ, Дүллүкү орто оскуолата, «Эрчим» корпост.