Олунньу 6 күнүгэр Дүллүкү нэһилиэгэр култуура уонна сынньалаҥ киинигэр СӨ Бырабыытылыстыбатын 2023 сыллааҕы үлэтин отчуоттуур мунньаҕа буолла.
Биһиги, медиа-оскуола оҕолоро, улахан дьон хайдах мунньахтыырын билээри-көрөөрү баран иһиттибит. Отчуоттуур бөлөххө СӨ тырааныспар уонна суол хаһаайыстыбатын миниистирэ Владимир Михайлович Сивцев кэллэ. Отчуоттуур бөлөҕү кытта «Үөһээ Бүлүү улууһа» МО баһылыгын солбуйааччы Андрей Андреевич Петров сылдьыста.
Мунньах саҕаланыытыгар ааспыт сылга ыытыллыбыт бырабыытылыстыба үлэтин отчуотун видеонан көрдүбүт. Олох араас эйгэтигэр элбэх үлэ ыытыллыбытын көрдүбүт-иһиттибит. Видео-отчуот бүппүтүн кэнниттэн, олохтоохтор элбэх ыйытыылары биэрдилэр, араас боппуруостары туруорустулар.
Оскуолабыт дириэктэрэ Тихон Александрович Егоров саҥа оскуола тутуутун үлэтэ хаһан саҕаланыаҕын. быйыл оҕо-аймах сыла биллэриллибитинэн, сайыҥҥы сынньалаҥҥа эбии үп көрүллэрүн ыйытта. Ону тэҥэ, быйыл оскуолабытыгар парашютнай кулууп тэриллибитэ 35 сыла туоларын туһунан, урукку сылларга оҕолор куоракка баран парашютунан ыстанар буоллахтарына, кэлиҥҥи сылларга тохтоон, бу боппуруос хайдах быһаарыллыан сөбүн ыйыталаста.
«Үлэ барар. Дүллүкүгэ уочарат быһыытынан оскуола тутуллуо, боппуруос боротокуолга баар. Үөрэх министерствота сайаапканы биэриэҕэ. Оскуола объегын тутуута 200-300 мөлүйүөн сууммалаах буолар. 2025-2026 сылга Дүллүкү оскуолатын тутуутугар харчы көрүллүө диэн эрэнэбит», — диэн Владимир Михайлович эппиэттээтэ.
Салгыы Хоро, Дүллүкү айан суолун, электричество мөлтөҕүн, аптека үлэлиирэ наадатын, «Чаайа» туристическай база тутуутугар харчы көрүллүүтүн, култуура уонна сынньалаҥ киинин дьиэтэ тутуллуутун боппуруостарын туруорсан, олохтоохтор ыйытыыларга туһааннаах эппиэти ыллылар.
Отчуот кэнниттэн оскуолабытыгар история учууталынан үлэлиир Анастасия Григорьевна Семеноваҕа үөрэҕирии салаатыгар үтүө суобастаах үлэтин иһин СӨ Үөрэх министиэристибэтин бочуотунай грамотата туттарылынна.
Мунньахха сылдьыбыт дьонтон маннык улуустарынан ыытыллар отчуоту туох дии санаабыттарын ыйыталастыбыт.
Валентина Захаровна Иванова, алын кылаас учуутала:
— Салалта норуоту кытта билсэрэ саамай сөп. Биһиги баар кыһалҕабытын туруорсабыт уонна сөптөөх эппиэти ылабыт, онон салалта норуоту кытта чугастык үлэлиэхтээх. Кинилэр дьон олоҕо тупсарын туһугар үлэлииллэр, онон итинник отчуоттууллара үчүгэй. Үлэни биһириибит.
Николай Петрович Романов, Дүллүкү нэһилиэгин баһылыга:
— Видеонан отчуот оннугар бэйэлэрэ кэпсииллэрэ буоллар отой үчүгэй буолуо этэ. Сотору отчуот ВКС-ка көһүө диэн баара. Маннык бэйэлэрэ кэлэллэрэ ордук. Нэһилиэнньэни кытта көрсөн, туруорсар боппуруостарыгар утары миэстэтигэр кэлэн быһаарсар үчүгэй. Улууска уонна Дүллүкү нэһилиэгэр бырабыытылыстыба көмөтө элбэх. Оҕо босуобуйатыттан саҕалаан араас субсидияларга тиийэ көмө оҥоһуллар. Эһиил эмиэ маннык нэһилиэнньэҕэ кэлэн отчуоттуулларыгар баҕарабыт!
Константин Владимирович Романятов, Дүллүкү нэһилиэгин олохтооҕо:
— Биһиэхэ отчуокка кэлэн бараллара үчүгэй. Манна миэстэтигэр элбэх боппуруоһу туруорсабыт, ол иһин кэлэллэрэ ордук дии саныыбын. Инникигэ сайдыы бара турар.
Маннык мунньахха сылдьар интэриэһинэй эбит. Улахан дьон санаатын аһаҕастык этэрин сөҕө иһиттибит. Сахабыт сирин салалтатын эппиэттээх үлэһиттэрэ, салайааччылара сахалыы эйэҕэстик кэпсэтэн, тыа дьонун санаатын истэн, кыһалҕатын билсэн баран, этиллибити толоруохтара диэн эрэнэ санаатыбыт.
Айыына ПЕТРОВА, Александра ИВАНОВА,
Дүллүкү орто оскуолатын VII кылаас үөрэнээччилэрэ,
Үөһээ Бүлүү.