«Күндүттэн күндүнү — олоҕу туойбутум» диэн ааттаах Т.О.К. (Толкуйдаа. Оонньоо. Кыай) оонньуу кыра кылаастан сөбүлээн ааҕар, үөрэтэр айымньыларбыт ааптара Петр Николаевич Тобуруокап үбүлүөйдээх сылыгар анаан оскуолабытыгар ыытылынна.
Тэрээһини нэһилиэкпит бибилэтиэкэрэ Яна Октябровна уонна оскуола бибилэтиэкэрэ Анна Леонидовна тэрийэн ыыттылар. Кылаастартан иккилии оҕо кытынна. Кыттааччылар икки хамаандаҕа арахсан оонньообуттара.
1-кы түһүмэххэ суруйааччы олоҕуттан ыйытыылар бэрилиннилэр.
2-с түһүмэххэ Тобуруокап суруйбут айымньыларыттан сүрүн геройдары быһыыларын-майгыларын ойуулааһынынан таайбыппыт.
3-с «Тылбаас» түһүмэх отой интэриэһинэй этэ. Суруйааччы оскуола туһунан хоһоонун нууччалыы тылбаастаабыппыт, онтон дьүүллүүр бөлөххө доргуччу ааҕан иһитиннэрбиппит.
Мин «4 түөрт строка» диэн түһүмэҕи ордук сөбүлээбитим. Бу түһүмэххэ хамаандалар оскуола туһунан түөрт строкалаах хоһоон айбыппыт. Хоһооммутугар биирдии балл эбиллибитэ.
5-с түһүмэх — «Саспыт тыллар». Бу түһүмэххэ «Тобуруокап» диэн тылтан ким элбэх тыл таһаарар эбит диэн куоталаспыппыт. Саамай элбэх тылы «Тобуруокаптар» хамаандалар таһаарбыттара.
6-с — Таайтарыылаах успуорт». Манна ыытааччылар таабырын таайтарбыттара. Онно 4 саха успуордун көрүҥэ баара: сүүрүү, хапсаҕай, мас тардыһыы, кылыы. Оҕолор бэриллибит таабырыннары, боппуруостары, кроссвордары таайбыттара. Онтон бүтэһик 7-с түһүмэххэ көрдөөх «Мас тардыһыыта» буолбута. Илиибитин холбоон баран икки сөмүйэбитинэн испиискэни тутан баран тардыбыппыт.
Оонньуу түмүгүнэн кыайыылаах хамаанда «Тобуруокаптар» буолбуттара, оттон «Буукубалар» аҕыйах балынан хаалбыттара. Бу күнү олус интэриэһинэйдик уонна туһалаахтык атаардыбыт. П.Н.Тобуруокап олоҕун, айымньыларын туһунан билиибитин тургуттубут, эбии элбэҕи биллибит.
Дайаана Гаврильева, IX кылаас,
«Эрчим» корпост.
Дүллүкү, Бүлүү.