Кэтэһиилээх уһун сайыҥҥы сынньалаҥы оҕолорго туһалаахтык, көхтөөхтүк оонньоон-көрүлээн атаарарга, саҥаны-сонуну билэргэ-көрөргө аналлаах лааҕыр буолар. От ыйыгар Дүллүкү орто оскуолатыгар «Парашютист» лааҕыр үлэлээн оҕо аймаҕы муста.
Оҕолор икки этэрээккэ арахсан дьарыктаннылар. 1-кы этэрээт — спортивнай-парашютнай, 2-с (кыра кылаас оҕолоро) — художественнай-творческай. Бастакы этэрээт иитээччилэрэ Николаев Владимир Николаевич, парашютнай кулууп салайааччыта, уонна Иванов Иннокентий Вячеславович, парашютнай кулууп инструктора, оҕолорго араас тэрээһиннэри ыыттылар. Государственнай символиканы, биллиилээх военачальниктары үөрэттилэр. Оҕолор стройунан хаамыыга бастакыларын холоннулар. Оскуолабыт парашютнай кулуубун историятын билистилэр. Маны тэҥэ кыргыттар, уолаттар автомат ыһарга, хомуйарга, пневматическай винтовканан ытарга үөрэннилэр.
Араас куонкурустар, үэрэтэр-биллэрэр оонньуулар, похуоттар, сибиэһэй салгыҥҥа оонньуулар ыытылыннылар. Медүлэһит Вера Аркадьевна Куприянова оҕолор доруобуйаларын туругун көрөн, лааҕыр санитарнай-эпидемиологическай режими тутуһан үлэлиирин ирдээтэ. Повар Аида Ивановна Семенова бары ирдэбили тутуһан оҕолору минньигэстик, тотоойутук аһатта.
2-с этэрээккэ иитээччинэн Саргы Петровна Максимова үлэлээтэ. Кини оҕолорго билиигэ-көрүүгэ аналлаах турнирдары, спортивнай оонньуулары ыытта. Оҕолор лидерскэй хаачыстыбалара сайдарыгар, эт-хаан өттүнэн чэбдигирэллэригэр болҕомтотун уурда. Лааҕыр үлэтэ оҕолору бииргэ сүбэлэһэн дьарыктанарга, биир тылы буларга, бэйэ-бэйэҕэ көмөлөсүһэргэ туһуланна.
Лааҕыр үлэтин саҕаланыытыгар А.А. Афанасьев салайааччылаах «МПЧ-16» баһаарынай сулууспа үлэһиттэрэ сэрэхтээх буолууга быраабылатын тутуһан сылдьарга бэсиэдэ ыыппыттара. Лааҕыр үлэтин иилээччи-саҕалааччы Анастасия Григорьевна Семёнова: «Лааҕыр үлэтэ былааннаахтык, анал бырагырааманан ситиһиилээхтик барда. Лааҕырга кыра дохуоттаах, элбэх оҕолоох ыал оҕолоро хабылыннылар», — диэн кэпсээтэ.
«Парашютист» оҕолоро сэһэргииллэр:
Аталларова Алина, 7 кыл.:
-Мин лааҕырга бастакы күҥҥэ парашюту кэтэргэ үөрэммитим. Онтон хомуйарга үөрэнним. Күн аайы араас интэриэһинэй дьарыктар буоллулар. Лааҕыр күнэ сэрээккэттэн саҕаланар, ол кэннэ сарсыардааҥҥы аһылыкпыт буолар. Өссө парашютнай горкаттан ыстанарга эрчиллибиппит уонна парашюту тыалга көтүппүппүт.
Виктория Тарасова, 8 кыл.:
-«Парашютист» лааҕырга олус учугэйдик сырыттым. Онно биһиэхэ «Д-5″, ПТЛ», «Юниор» парашюттары хомуйарга үөрэппиттэрэ. Самолёттан ыстанарга бэлэмнэнэн оскуолабыт тиэргэнигэр баар сыыртан түспүппүт. Өссө биһиги бэйэбит тыалга парашют куполын толорбуппут уонна тутан баран сүүрбүппүт, онно купол тыалга туолбута көрүөххэ олус үчүгэй этэ!
Парашюту хомуйарбын уонна сыыртан түһэрбин олус сөбүлээтим.
Прокопьева Умсуура, 8 кыл.:
Сарсыарда кэллибит да сүүрэбит уонна сэрээккэлиибит, ол кэннэ аһаан баран парашют хомуйабыт. Мин 3 араас парашюту хомуйарга үөрэнним. Олортон саамай чэпчэкитик хомуллар «Юниор» этэ. Кыра тыаллаах буоллаҕына таһырдьа тахсан парашюту толорооччубут. Бу лааҕырга сылдьар кэммитигэр сыыртан 4-тэ ыстаммыппыт. Мин парашютнай лааҕырга сылдьан элбэх саҥаны биллим, элбэххэ үөрэнним.
Бу курдук «Парашютист» лааҕыр оҕолоро самаан сайын биир кэрэ кэрчигин туһалаахтык, сонуннук атаардылар.
«Эрчим» эдкорпост, Үөһээ Бүлүү, Дүллүкү орто оскуолата.