Үөһээ Бүлүү Дүллүкүтүгэр сааскы сылаас ылааҥы күҥҥэ оскуолабыт эр дьон үлэһиттэрэ уонна уолаттар муус аннынан балыктааһыҥҥа сырыттылар.
Оҕолор сибиэһэй салгыҥҥа сылдьан, мааны айылҕалыын алтыһан, чэй, мин өрүнэн, шашлык амсайан дьоһуннаах күнү атаардылар.
Тэрээһин сүрүн сыалынан уол оҕоҕо булт үөрүйэхтэрин иҥэрии, айылҕаҕа сиэри-туому тутуһан сылдьарга үөрэтии буолар.
Күөгүлээһин түмүгүнэн бастыҥнар бэлиэтэннилэр:
«Бастакы балык» — Айхал Петров, 6 кыл.,
Саамай кыра балык» — Никита Константинов, 6 кыл.
«Саамай улахан балык» — Айхал Петров, 6 кл.
«Саамай элбэх балык» — Юлиан Руфов, 5 кыл.
«Тулуурдаах балыксыт» — Айтал Ксенофонтов, 5 кыл.
«Кэскиллээх балыксыт» — Егоров Андриан, 7 кыл.
«Бастыҥ буурдьут» — Арсен Петров, 9 кыл. ааттары ыллылар.
Биирдиилээн күрэхтэргэ тоҥуу хаарынан сүүрүүгэ Игнат Иванов (8 кыл.), Сергей Иванов (9 кыл.),
сыал ытыыга Мирослав Нургалин (9 кыл.), Коля Дорофеев (6 кыл.), ырааҕы быраҕыыга Никита Бугулов (10 кыл.), Данил Бочётов (8 кыл.) иннилэригэр кими да түһэрбэтилэр. Онтон хамаанданан
ханаат тардыһыытыгар, хомуур тустууга күрэхтэстилэр.
Кыайыылаахтар грамоталары, мэтээллэри уонна бэртээхэй бириистэри туттулар. Сыл аайы уолаттарга үгэс быһыытынан ыытыллар кэтэһиилээх күҥҥэ быйыл эмиэ элбэх эдэр балыксыт сатабылларын, үөрүйэхтэрин үллэһиннилэр. Күрэхтэһэн буһан-хатан, астына-дуоһуйа сынньанан тарҕастылар.
«Эрчим» эдкорпост.
Хаартыскаҕа Эрхаан Мандаров, Петя Семенов түһэрдилэр.
Дүллүкү оск., Үөһээ Бүлүү.