«Урут уолаттар ыраахтан бэргэһэлэрин устан тоҥхоҥноон дорооболоһоллоро. Оттон билигин хаста да эппиккин кэннэ, нэһиилэ кулгаахтарыттан наушниктарын ороон абырыыллар», — диэн саастаах дьон бэркиһээн кэпсэтэллэрин истибитим.
Кырдьыга да, билиҥҥи ыччат уопсастыба ортотугар буолбакка, гаджет иһигэр олорор курдук.
Наушниктарыгар ханнык ырыа тыаһыырын аттыгар баар киһи тэҥҥэ истэр. Оннук улаханнык холбууллар. Саатар, күнү быһа кэтэ сылдьаллар ээ.
Дьиҥэр, киһи киэһэ 40 Дц, күнүс 55 децибилтэн улахан таһымнаах тыаһы истиэ суохтаах. Онтон улахаҥҥа киһи дьүлэй буолар, итиэннэ ньиэрбэтэ эмсэҕэлэнэр. Ол иһин наушнигы күнү быһа кэтимэҥ, улахаҥҥа холбоон истимэҥ. Бэйэҕитин бэйэҕит харыстааҥ.