Ньурба оройуонун Маар нэһилиэгин «Дьөҥкүүдэ кыталыктара» оҕо народнай фольклорнай ансаамбыла Ньурба оройуонугар ыытылла турар Олоҥхо күннэригэр ситиһиилээхтик кытта сылдьар.
Ол курдук, Октябрьскай нэһилиэккэ тэриллибит “Олоҥхо быстыбат ситимэ” диэн оҕолорго олоҥхо истиитин улуустааҕы күрэхтэһиитигэр кытынна. Бу куонкурус сэтинньи ый 28 күнүгэр Антоновкаҕа «Түһүлгэ» норуот айымньытын дьиэтигэр буолан ааста. Манна үс бөлөххө арахсан 60-тан тахса оҕо, бөлөҕүнэн уонна биирдиилээн, кыттыыны ылла. Тэрээһиҥҥэ Антоновка баһылыга Семен Корякин, улуус депутаттарын сэбиэтин салайаччыта Сергей Евсеев, култуура департаменыттан, Хорулаттан «Куйуур олоҥхото» бырайыак ааптара Наталья Трофимова уонна да атын ыалдьыттар сырыттылар. Кыттааччы оҕолор бары да олус бэлэмнээхтэрин уонна дьоҕурдаахтарын көрдөрдүлэр.
Түмүккэ, бөлөҕүнэн олоҥхону толорууга Маар нэһилиэгин “Дьөҥкүүлэ кыталыктара” оҕо фольклорнай народнай ансаамбыла Сергей Бороҕоонускай “Айыы Дьураҕастай” диэн олоҥхотунан кыайыылаах таҕыста. Ансаамбылга харчынан бириис туттардылар.
Биирдиилээн толорууга ансаамбыл солистката Виолетта Иванова эмиэ Сергей Бороҕоонускай «Эрчимэн Бэргэн» диэн олоҥхотун толорон 2 бочуоттаах миэстэҕэ таҕыста. Сорук Боллур оруолун толорбут Камелия Яковлеваны уонна Абааһы Кыыһын уобараһын арыйбыт Люлитта Слепцованы ордук бэлиэтээтилэр уонна анал ааттары иҥэрдилэр.
Ити курдук киэҥ Ньурба сиригэр саха чыпчаал айымньытын – Олоҥхону оҕолор сөбүлээн толороллор.
Анжелина ЖДАНОВА, «Ыллык» эдкорпост,
Ньурба, Хаҥалас.