Ахсынньы ый саҥатыгар Ньурба оройуонун Маар нэһилиэгин «Дьөҥкүүдэ кыталыктара» оҕо фольклорнай народнай ансаамбыла, Арассыыйа култуурунай киинигэр – Санкт Петербург куоракка баран, IX төгүлүн ыытыллар «Новая Россия» фестивальга ситиһиилээхтик кыттан кэллибит.
Биирдиилээн кыттыбыт оҕолор лауреат ааттарын ыллыбыт, ансаамбылбыт гран-при ылан үөрүүбүт муҥура суох буолла. Бу түмүкпүт салайааччыбыт, Маар орто оскуолатын саха тылын уонна литэрэтиирэтин, култууратын учуутала Саргылана Петровна Федорова сыралаах, дьаныардаах үлэтиттэн таҕыста. Кини үлэтигэр бэриниилээх, сытыы-хотуу салайааччы уонна учуутал буолан биһигини, араас саастаах оҕолору, күннэтэ дьарыктыыр, сайыннарар. Инникитин норуоппут сүдү баайа — саха фольклора тыыннаах хаалан, сайдарын туһугар биһиги бэйэбит сэмэй кылааппытын киллэрэн иһиэхпит.
Санкт-Петербурга нэдиэлэ кэриҥэ быстах кэмҥэ, киэҥ-куоҥ, баараҕай куораты көрөн, дириҥ историятын билсэн, үөрэн-көтөн астынан тарҕастыбыт. Өссө даҕаны бу кэрэ куоракка кэлэ туруохпут диэн санаалаах эргилиннибит.
Анжелина Жданова, «Ыллык» эдкорпост, Ньурба Хаҥалас.