Сааскы өрөбүллэргэ Дьокуускай куораттан дьүөгэм Камилия кэлэ сырытта. Кинилиин үөрэ-көтө кэпсэтэн, сааскы чэбдик салгынынан тыынан, дэриэбинэбит уулуссатын устун хаамыстыбыт, оскуоланы киирэн көрдүбүт.
Мин эдкор куруһуогар сылдьар буоламмын, бастакы интервьюбун дьүөгэбиттэн ыларга холоннум. Дьүөгэбин кытта кэпсэппиппин суруйуом.
Куорат ханнык оскуолатыгар үөрэнэҕиний?
— 20-с оскуолаҕа үөрэнэбин. Кылааһым салайааччыта Сахая Робертовна, физкультура учуутала.
— Куоракка үөрэнэр хайдаҕый?
— Үчүгэй, оскуолаҕа элбэх баҕайы оҕо баар. Биһиги кылааспытыгар 24-пүт. Мин 6 «г» кылааска үөрэнэбин. Элбэх доҕоттордоохпун.
— Ханнык предмети сөбүлүүгүнүй?
— Математиканы, тоҕо диэтэххэ, учууталым Мичилиинэ Софроновна олус үчүгэйдик быһаарар, ордук дробтары суоттуурбун сөбүлүүбүн.
— Үөрэҕиҥ таһынан ханнык куруһуокка дьарыктанаҕыный?
— Хореографияҕа сылдьыбытым уонна английскайга.
— Өрөбүллэргэр куоракка ханнык сынньанар сирдэргэ сылдьаҕыный?
— Дьоммун кытта муус пааркаҕа, киинэҕэ сылдьааччыбыт.
— Алын кылааска бииргэ үөрэммиппит дии. Билигин манна кэлэн үөрэниэҥ этэ дуо?
— Үөрэниэхпин олус баҕарабын, ол эрээри бырааппын оскуолаҕа атаарабын, көрсөбүн, ол иһин кыаллыбат. Кини 1 смена, онтон мин 2-с сменаҕа үөрэнэбин.
— Иллэҥ кэмҥэр тугунан дьарыктанаҕыный?
— Киинэ көрөрбүн, баайарбын сөбүлүүбүн. Манна эбэбэр бэргэһэ баайан аҕалан бэлэхтээтим. Комикстары уонна дьону уруһуйдааччыбын.
— Махтал, Камилия. Сайын эмиэ кэлэргин күүтүөм.
Дьүөгэбэр Камилияҕа үөрэҕэр ситиһиилэри баҕарабын. Аны сайын буоларын кэтэһэ, сайыһа хаалабын.
Айыына Петрова, 6 кылаас, «Эрчим» корпост, Дүллүкү, Үөһээ Бүлүү.