Дүллүкү орто оскуолатыгар саха талааннаах суруйааччыта, фронтовик Никифор Кирикович Седалищев-Дьүөгэ Ааныстыырап төрөөбүтэ 110 сылыгар аналлаах суруйааччы кэпсээннэрин уус-ураннык ааҕыыны ыыттыбыт.
Суруйааччы айымньыларыттан «Ой бэс», «Бытык», «Татыйаас», «Улааттаҕына», «Иллэҥ киэһэ», «Үөрүүнэн ыытабын» о.д.а. иһиттибит. «Ой бэс» диэн лааҕыр оҕолорун туһунан кэпсээни мин, Коля, Сарген буолан оҕолорго аахтыбыт. Алина Санникова, Нарыйа Бугулова, Илона Руфова «Улааттаҕына» кэпсээни олус үчүгэйдик куоластарын уларыта сылдьан аахтылар.
Дьүөгэ Ааныстыырап дьиҥнээх олоххо буолбуту кэпсээн гынан суруйар эбит. Ол иһин ааҕарга, өйдүүргэ чэпчэки.
Айыына Петрова, 6 кыл., «Эрчим» корпост, Дүллүкү, Үөһээ Бүлүү.