Мин аатым Томский Савелий. Быйыл саас Ольга Петровна Иванова Сидоркевич аатынан Амматааҕы айар сайдыы киин иһинэн тэриллибит “Дьөһөгөй” кулуупка киирбитим. Биһиги бу кулуупка араас тэрээһиннэргэ сырыттыбыт, ол курдук сылгы мэччирэҥ сирин-уотун бэлиэтиир электроннай карта оҥорорго холоннубут, Амма сэлиэнньэтин хаһаайыстыбалара сылгыларын сайын, кыһын ханна мэччитэллэрин, кыстаталларын үөрэттибит. Сирдэр ааттарын, дэриэбинэттэн төһө ыраах сыталларын километрын биллибит. Саас саха сылгытын сүүрүүтүн көрөн, ат сүүрдүүтэ хайдах тэриллэрин, сылгыһыт ат баайааччы идэтин билээри интервью ылбыппыт. Онтон кэлин улааттахпытына бааһынай хаһаайыстыба тэринэргэ бастаан тугу гыныахха, хайдах тэриниэххэ диэн бизнес – тренинг тэрээһин буолбута.Онно биһиги “Мин бизнеһим” тэрилтэ салайааччытын уонна Амма улууһугар бааһынай хаһаайыстыбалар холбоһуктарын салайааччыта Цыпандина Александра Николаевнаны кытта көрсүбүппүт. Ол кэнниттэн Дьокуускайдааҕы научнай чинчийэр институт специалистара сылгы аһын-үөлүн бэлэмнээһинин, сылгыны көрүү-харайыы туһунан научнай үлэлэрин сырдаппыттара. Биһиги элбэҕи биллибит, сылгыны ииттии сыралаах үлэ, айылҕаттан олус тутулуктаах буоларын өйдөөтүбүт .Ыам ыйыгар Бөтүҥ нэһилиэгэр Левин Д.С. хаһаайыстыбатыгар бааһынаҕа күрүө маһа бэлэмнээһиҥҥэ уонна абырахтааһыҥҥа сырыттыбыт. Күрүө алдьамматах буолуохтаах, оччоҕо сылгылар бурдуктара бааһынаҕа өлгөмнүк үүнэр.
Бу от ыйыгар Бөтүҥ нэһилиэгэр Хотуйа үрэх арыытыгар Геннадий Иванович Назаровка от үлэтигэр көмөлөстүбүт, Амма, Бөтүҥ оскуолаларыттан барыта 25 уол.
Хотуйа үрэххэ тиийээт салайааччыларбыт өбүгэ сиэринэн сири-дойдуну алаадьынан күндүлээтилэр, ол кэннэ итии-куйаас күнтэн сөрүүн уулаах үрэххэ умсан ыллыбыт уонна уҥуор туораан, оттуур ходуһабытыгар тиийдибит. Икки хамаандаҕа арахсан от күүстээх үлэтигэр туруннубут.Ол курдук, Петр Иннокентьевич Попов салалтатынан уолаттар бары кыраабыллары тутан, ходуһаҕа охсуллан сытар, куурбут оту харбаан, субуулаан, 200-тэн тахса лэкээни мустубут.
Андрей Александрович салайааччылаах лэкээ таһааччылар 110 лэкээттэн биир улахан кэбиһиилээх оту туруордулар. Ол кэнниттэн омурҕаҥҥа сынньанан, былыргы оттооһун сыһыаннаах тылларын үөрэттибит,үрэххэ дуоһуйа сөтүөлээтибит. Күн-дьыл туран биэрэн, сөрүүн тыаллаах буолла үөн-көйүүр суох этэ.
Оҕолор үксүбүт бу иннинэ от үлэтигэр сылдьыбатах буоламмыт бастакы күнҥэ ыарахаттардааҕа. Ол эрээри бары от үлэтин албастарын сатаатыбыт. Окко үлэлээбиппэр былчыҥнарым көһүйбүттэрэ, онтон сарсыҥҥытыгар үлэлээбиппэр ааспыта. Уолаттары кытта сынньалаҥҥа атах оонньууларыгар күрэхтэстибит, ким сымсатын, ким атаҕар күүстээҕин биллибит. Киэһэ кутаа уот тула номохтору, үһүйээннэри, айылҕа күүһэ, сиэр-туом, итэҕэл туһунан аһаҕас кэпсэтии буолла.
Иккис күн сарсыарда оҕолор бары эрдэ туран күүстээх үлэ салҕанна. Петр Иннокентьевич Попов биһигини илии хотуурунан охсорго үөрэттэ уонна мотокосанан от охсору көрдөрдө.Боруобалаан охсон көрдүбүт. Илии хотуура киһиттэн күүһү, кыаҕы ирдиир, туттарга сэрэхтээх эбит. Онтон мотокоса охсорго түргэн, чэпчэки курдук. Бу биһиги оттообут ходуһабыт элбэх дулҕалардаах сир буолан тракторынан охсорго табыгаһа суох буолан хотуур, мотокоса ордук.
Бары көмөлөөн икки кэбиһиилээх от турар отун тастыбыт. Айылҕаҕа сылдьыы сиэрин-туомун тутуһан, сыыһы-бөҕү хомунан сырыттыбыт, илиинэн оттооһуҥҥа үлэлээтибит, сылгы, сүөһү ииттэр дьон сайыҥҥы кылгас кэмҥэ кыстыыр отторун булунар түбүгэр сылдьалларын өйдөөтүбүт. Бырайыак тэрийээччилэрэ биһигини күүстээх үлэ кэмигэр ас амтаннааҕынан аһаттылар. Биир соһуччу түгэнинэн буолла Дьөһөгөй бырайыак уолаттарыгар окко кэтиллэр таҥас, рюкзак, спальнай мешок, от мунньар кыраабыл, походнай иһит, термосумка бэлэхтэр туттарылыннылар.Биһиги үөрдүбүт, махтанныбыт, төрөппүттэрбит эмиэ тэрийээччилэргэ махталларын эппиттэрэ.
Мин маннык бырайыакка аан бастаан сылдьабын, бырайыак саха төрүт дьарыгын сылгыны иитиини үөрэтэр, билиһиннэрэр, от-мас хара үлэтигэр уһуйар наһаа туһалаах тэрээһиннэрдээх. Билигин оҕолор наар телефоҥҥа олороллор, онтон маннык тэрээһиннэргэ сылдьар, кыттар быдан элбэх туһалаах. Айылҕаҕа сылдьан, саастыылаахтарбытын кытта тэҥҥэ билсэн, элбэх доҕоттордоннум.Бырайыак салгыы тэриллэн баран иһэр, иннибитигэр өссө да интэриэһинэй тэрээһиннэр күүтэллэр.Оҕолоор, маннык тэрээһиннэргэ көхтөөхтүк кыттын, сайдын, билиигитин-көрүүгүтүн кэҥэтиҥ!
Хаартыскаҕа салайаачччылар уонна уолаттар.
Томский Савелий ,
VII кылаас,
“Дьөһөгөй” кулууп чилиэнэ,
О.П.Иванова-Сидоркевич аатынан Амматааҕы айар сайдыы киинэ.